18 Ахсынньы 18.12
  • -33°
  • $ 103
  • 108,34

Сулустар кэпсииллэр. Ахсынньы 18 күнэ

08:53, 18 декабря
Текст:
Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

♈️Хой 

Бүгүн сулустар үтүөнү тосхойоллор. Бэйэ инстиҥин иһит уонна суолгар тахсар бары кыахтары ылыс. Ситиһии күүтэр.

♉️Оҕус 

Элбэхтэн туһалааҕы көрөн таларын бүгүн абырыаҕа. Быһаарыныы ылынарга тиэтэйимэ. Тулуур уонна дьулуур ситиһиини аҕалыахтара.

♊️Игирэлэр

Бүгүн өйүн күүскэ үлэлиэҕэ. Дьону кытта элбэхтэ кэпсэт, сибээһи олохтоо, санааҕын үллэһин. Саҥа билсиһии соһуччу, үтүө кыахха тиэрдиэҕэ.

♋️Араак

Чугас, таптыыр дьоҥҥун кытта бириэмэни атаарыы элбэх үөрүүнү аҕалыаҕа, сүрэххитин тапталынан толоруоҕа. 

♌️Хахай

Эн ис санааҥ бүгүн сырдыы сылдьар. Дьоҥҥо умнуллубат өйдөбүлү хаалларар туһугар харизмаҕыҥ туһан. Ол эрээри, сэмэй уонна ытыктабыллаах буоларгын умнума.

♍️Кыыс

Бүгүн эн перфекционистыыр быһыыҥ-майгын төлөнүөҕэ. Кыра түгэннэргэ болҕомтолоох, тэрээһиннээх буолууҥ махталы уонна билиниини аҕалыахтара.

♎️Ыйааһын 

Бүгүн ис санааҕар болҕомтолоох буол. Үлэни уонна сынньалаҥы сөпкө дьүөрэлээ. Оччоҕо дууһаҥ уоскуйуо.

♏️Скорпион

Интуицияҥ сайдар күнэ. Эккэр-хааҥҥар, ис дууһаҕар итэҕэй. Тулхадыйбат быһаарыныыҥ ситиһиигэ тиэрдиэҕэ.

♐️Охчут

Саҥа саҕалааһыннарга ситиһиилээх күн. Туох эмэ саҥаны билии сонун түгэннэргэ тиэрдиэҕэ.

♑️Чубуку

Бүгүн үлэҥ-хамнаһын, сыалыҥ-соругун үрдүк чыпчаалга тахсыаҕа. Бэйэ иннигэр чуолкай сыалы туруоруҥ уонна ону ситиһэргиттэн куттаныма.

♒️Күрүлгэн

Идеяларгытын үллэстэргин куттаныма. Эн толкуйуҥ биир санаалаахтары тардыаҕа уонна күүтүллүбэтэх кыаҕы аҕалыаҕа.

♓️Балыктар

Айар-тутар дьоҕуруҥ сайдар күнэ. Өйгөр-санааҕар болҕомтото уур.

Аһаҕас источниктан ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова