Сулустар кэпсииллэр. Ахсынньы 16 күнэ

Хаартыска: СИА

Хой 

Иирсээнтэн, айдаантан тэйиччи тутун. Ис санааҕын иһит. Куһаҕан дьаллыктан аккаастанарга табыгастаах күн.

Оҕус 

Кытаанах санаа, тулуур бүгүҥҥү кыһалҕаларгын быһаарарга туһалыахтара. Элбэх үлэни кыайыаҥ.

Игирэлэр

Куһаҕан санаалары киэр кыйдаа, сыалгын ситиһэргэ дьулус. Соһуччу түгэннэргэ бэлэм буол.

Араак

Бүгүҥҥү быһаарыныыларгын өйдөөн-төйдөөн ылын. Эмоцияҕын тутун. Киэһэ өттүгэр инники олоххун былааннаа.

Хахай

Үлэҕэр ситиһии кэлиэҕэ. Таптал да өттүгэр барыта үчүгэй. Энергиян туолан сылдьар кэмэ.

Кыыс

Бүгүн хаһан да оҥорботох дьыалаҕытынан дьарыктаныаххыт. Ол түмүгэ бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.

Ыйааһын 

Бүгүн буолар түгэннэри барытын сүрэххэр чугастык ылынаҕын. Сөптөөх быһаарыныылары ылынарга тыйыс санаалаах буол.

Скорпион

Бүгүн дьанырдаах буол. Олоххор уларыйыылар күүтэллэр, онтон куттаныма.

Охчут

Бүгүн умнубутун ырааппыт киһиҥ биллиэ. Олоххор киллэрэҕин дуу, суох дуу… Бэйэҥ эрэ быһаараҕын. Бары эн курдук эйэҕэс буолбатахтар, сэрэн.

Чубуку

Урут баар буола сылдьыбыт кыһалҕа эмиэ үөскүөн сөп. Бу сырыыга ону ситиһиилээхтик быһаарыаҥ. Бүгүн чугас дьоҥҥор, доҕотторгор өйөбүл буолуон.

Күрүлгэн

Бүгүн быһаарыныылаах буолуу ирдэнэр. Онуоха ыксаллаах быһаарыныылары ылыныма, соччото суохха тиэрдиэхтэрин сөп.

Балыктар

Эн суолгар мэһэйдэр үөскүөхтэрэ, ону барытын этэҥҥэ туоруоҥ. Инникигэр эрэл үөскүө. Бүгүн саҥа билсиһиилэр күүтэллэр.

Аһаҕас источниктартан ылылынна

This post was published on 16.12.2024 08:57 08:57