Хой. Сынньалаҥ туһунан толкуйдаа. Сибиэһэй салгыҥҥа күүлэй саҥа идеяларга тиэрдиэҕэ.
Оҕус. Үчүгэйдик билбэт дьоҥҥор санааҕын арыйыма. Биирдэ табыллыбатах, иккистээн эмиэ табыллыбат, онон уоскуй.
Игирэлэр. Энергияҥ таһынан тахсыбыт, ону туһан. Бүгүн общественнай сирдэргэ сылдьа сатаама.
Араак. Бүгүн дууһаҕар күн тыгар. Настарыанньаҥ үчүгэй. Саҥа билсэр киһигин кытта эйэҕэс буол.
Хахай. Доҕотторгун кытта көрүс, бириэмэҕин көрдөөхтүк атаар.
Кыыс. Бүгүн эн тускунан кэпсиир дьону болҕомтолоохтук иһит уонна түмүктэ оҥоһун.
Ыйааһын. Ис санааҕын ырытарга табыгастаах күн. Ханнык эйгэҕэ үлэлиэххин баҕараргын ыраҥалаан көр.
Скорпион. Ханна эрэ көһүөххүн сөп. Ол – үчүгэй быһаарыныы буолуоҕа.
Охчут. Хомойума. Киэһээҥи аһылыкка доҕотторгун эбэтэр ыалларгын ыҥыр. Ис дууһаҕыттан үөр.
Чубуку. Бүгүн биир дьыаланан күүскэ дьарыктан, күнүҥ ааспытын да билбэккэ хаалыаҥ. Кимтэн да тугу да көрдөһүмэ.
Күрүлгэн. “Дьыала үчүгэйинэн бүтэрэ үчүгэй” диэн санаалаах сылдьыаҥ. Төһө даҕаны дьаныардаах буолбутуҥ иһин улахан ситиһии кэлиэ суоҕа.
Балыктар. Бүгүн элбэх киһи сылдьар сиригэр сынньаныаххын сөп. Кыра үлэлэри түмүктүүргэ ситиһиилээх күн.
Аһаҕас источниктартан ылылынна.
This post was published on 12.12.2024 09:12 09:12