Инвестбырагыраамалары оптимизациялааһын ыытыллыбытын үрдүнэн, Саха сиригэр судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин (ГЧП) бырайыактара салҕанан бараллар, бу туһунан экономика миниистирэ Майя Данилова социальнай ситимнэргэ эттэ диэн СИА суруйар.
“Судаарыстыба инники күөҥҥэ тутар бырайыактара тутууну уонна инникитин инвестицияны көҕүлээһини кытта сибээстээхтэр”, — диэтэ Майя Данилова.
Миниистир чуолкайдаабытынан, тутулла турар эбийиэктэр салҕанан барыахтара. Саҥа саҕаланан эрэр бырайыактар олоххо киириилэрин болдьоҕо эрэ уһатыллар, ити бюджекка охсууну намтатар туһугар оҥоһуллар.
Кини эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ саппаас пуондатыгар коронавирус инфекциятын содулун кытта охсуһууга — 1,5 млрд солк баар, онтон үс гыммыт биирэ ГЧП бырайыактарын олоххо киллэриигэ туһуланар.
This post was published on 20.05.2020 14:02 14:02