Субсидиялар, граннар уонна чэпчэтиилэр: Егор Борисов коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэри салгыы өйүүргэ эрэннэрдэ

Үбүлээһин, экономикаларыгар көмө, нолуокка чэпчэтиилэр — коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ оҥоһуллар бу уонна да атын өйөбүллэр тустарынан Егор Борисов «Кэпсэтииттэн — бииргэ үлэлээһиҥҥэ» гражданскай форум арыллыытыгар эттэ.


«Форумҥа өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэри сайыннарыыга баар кыһалҕалары ырытабыт. Бу тэрээһин түмүгүнэн чуолкай быһаарыылар оҥоһуллуохтаахтар. Билигин баар уопут көрдөрүүтүгэр олоҕуран, мин маннык тэрилтэлэри өйүүр хас да механизмы киллэрэргэ бэлэммин«, — диэтэ Егор Борисов.

Ил Дархан этэринэн, бастатан туран, уопсастыбанньыктарга грант уонна субсидия быһыытынан үбүнэн өйөбүл оҥоруохха наада: «Алта сыл тухары үс миллиард солк үбү бу сыалга көрдүбүт. Улахан аҥара бүтэһик икки сылга оҥоһулунна. Бу салҕанан барыан наада. Бүгүҥҥү көрсүһүү түмүгүнэн, төгүрүк остуоллар резолюцияларынан бырабыыталыстыба коммерческай суох уопсастыбаннай тэрилтэлэр салгыы үлэлэрин, кинилэри өйүүр механизмнар тустарынан ыйаах бэлэмниэ«.

Коммерческайа суох тэрилтэлэр үлэҕэ элбэх ороскуоту көрсөллөрүнэн, кинилэргэ уонна туһааннаах уопсастыбанньыктарга көмөлөһөр тэрилтэлэргэ нолуогу төлүүллэригэр чэпчэтиилэри олохтуохтара. Бу эмиэ ыйаах бырайыагар суруллуо диэтэ Борисов.

Өрөспүүбүлүкэ салайааччытын санаатынан, коммерческайа суох тэрилтэлэр дьиэҕэ-уокка наадыйаллар, аренда төлөбүрүгэр, коммунальнай өҥө иһин тарыыпка чэпчэтиилэргэ баҕараллар.

«Саха сиригэр бэйэни салайыныы уопсастыбаннай территориялара — түөлбэлэр — диэн бааллар. Кинилэр атыттары кытта тэҥҥэ граннары уонна субсидиялары ылалларын курдук регистрацияланыыларын регламенныахха наада, «, — диэтэ субъект салайааччыта.

Егор Борисов РФ үпкэ министиэристибэтэ уонна аан дойдутааҕы баан кыттыылаах бырайыак олоххо киллэриллибитин иһитиннэрдэ. Бырайыак «Үтүө дьыала» холобуругар курдук олохтоох көҕүлээһини өйүүргэ үп көрүө. «66 муниципальнай тэриллии манна сайаапка түһэрдэ. Бу дьылга бу сыалга 32 мөл.солк. көрүлүннэ. Механизм үлэлээбитэ ыраатта, сокуонунан бигэргэтиэххэ эрэ наада. Нэһилиэнньэ барыта төрөөбүт дойдутун сайдыытыгар муҥутуурдук кыттыан баҕарабын«, — диэтэ кини.

Түмүккэ Ил Дархан өссө биирдэ коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэрин суолтатын бэлиэтээтэ уонна уопсастыбанньыктары саҥа сокуоннары көҕүлүүллэригэр ыҥырда.

This post was published on 20.06.2017 17:57 17:57