СӨ быыһыыр сулууспата булчуттарга анаан иһитиннэрэр — суһаллык арыылартан, ууга барар кутталлаах сирдэртэн куотаргытыгар. Өскөтүн эһиэхэ куттал суоһуур түгэнигэр — малы-салы буолбакка, олоҕу эрэ быыһыыр соруктаахтарын уонна бөртөлүөт биир чаас көтүүтүн ороскуота 300 тыһыынча солк буоларын иһитиннэрэллэр.
Быыһыыр сулууспа иһитиннэриитигэр этиллэр:
«Дьокуускай эргин уонна чугастааҕы улуустарга элбэх киһи массыынанан сылдьан бултуур
Өскөтүн уу таһыма үрдээн бардаҕына, олус түргэнник эһигини «улахан сиртэн» быһан кэбиһиэн сөп. Өйдөөҥ, быһааччылар олоҕу эрэ быыһыыр соруктаахтар. Техника, ол-бу мал-сал миэстэтигэр хаалар.
Суһаллык арыылартан, ууга барар кутталлаах сирдэртэн тэскилээҥ, бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар кыһалҕалары үөскэтимэҥ. Толкуйдааҥ.
Иэдээн буолаҕына: (4112) 45-90-19 , 40-56-22 эбэтэр 112 эрийиҥ».
This post was published on 11.05.2020 10:33 10:33