"Суһал көмө" быраастара сөмөлүөккэ пассажиры быыһаатылар

Алтынньы 8 күнүгэр 474 нүөмэрдээх «Москва-Дьокуускай» рейсигэр биир пассажирка эмискэ доруобуйатын туруга мөлтөөн, сөмөлүөт суһаллык Новосибирскайга Толмачево аэропордугар түһэргэ күһэлиннэ.


Сөмөлүөт түһээтин кытта ыарыһаҕы балыыһаҕа илтилэр.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бу рейскэ, дьолго, Саха сиринээҕи «Суһал көмө» станциятын кылаабынай бырааһа Алена Никитина уонна реаниматолог-быраас Николай Татаринов көтөн испиттэр.

Кинилэр эмискэ туруга мөлтөөбүт дьахтарга суһал көмөнү бастакынан оҥордулар. Онон пассажирка олоҕун быыһаатылар.

«Манна туох да киһи соһуйара суох. Биһиги гражданскай уонна үрүҥ халааттаах аанньал быһыытынан иэспитин толордубут. Ханнык баҕарар быраас маннык балаһыанньаҕа бастакы көмөнү оҥоруо этэ», – диэтэ Алена Никитина.

«Якутия» авиакомпания суһал көмөнү кэмигэр уонна көдьүүстээхтик оҥорбут быраастарга пассажир олоҕун быыһаабыттарыгар махталын биллэрдэ.

This post was published on 13.10.2016 12:50 12:50