Саха сиригэр «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак бастакы звенолары модернизациялааһын бырагырааматынан 12 саҥа массыынаны ылан улуустарынан түҥэттилэр диэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Саҥа массыыналарынан медиктэри уонна ыарыһахтары ыраах сытар нэһилиэктэргэ тиэрдиэхтэрэ, ону тэҥэ, лабораторнай чинчийиилэри ыытыыга туһаныахтара.
“Ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускайга киирэн саҥа реанимобиль күлүүһүн уонна тустаах докумуонун туттум. Үөрүүлээх быһыы-майгы кэннэ, массыынаны учуокка туруордубут, ОСАГО страховкатын ситистибит. Билигин саҥа тиэхиникэ кыһыҥҥы суол арыллыар диэри куоракка хаалла. Депутатскайга суһал көмөҕө 4 биригээдэ үлэлиир. Үтүө сонуну истэн, үлэһиттэр даҕаны уонна бары олохтоохтор, кыһалҕалаах ыарыһахтар олус үөрдүлэр. Холобур, Уус-Куйга диэн бөһүөлэк биһигиттэн 228 км тэйиччи сытар, бу быһа холоон, 5-6 чаас уһуннаах айан. Ыалдьа сытар киһиэхэ хас биирдии мүнүүтэ күндү, онуоха көннөрү массыынанан айанныахтааҕар, толору хааччыллыылаах реанимобиль ордуга биллэр”, — диэн Усуйаана улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Матрена Афансьевна Потапова үөрүүтүн үллэстэр.
12 реанимобиль массыынаны Үөһээ Халыма, Ленскэй, Муома, Өймөкөөн, Таатта, Уус-Алдан, Усуйаана, Хаҥалас, улуустарын киин балыыһаларыгар, Айхал куорат балыыһатыгар, Жатай уонна Хатас суһал көмөлөрүн кииннэригэр анаатылар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын пресс-сулууспатын хаартыскалара
This post was published on 07.12.2022 15:02 15:02