2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэ, ол иһигэр иитэр киһитин сүтэрбит уонна инбэлиит дьон ылар биэнсийэлэрэ 7,6%-нан үрдээтэ. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр, суруйар Саха сирэ саайт.
Онон тохсунньуттан 241 413 биэнсийэлээх, ол иһигэр 167 249 үлэлээбэт дьон биэнсийэтэ үрдээтэ. Ортотунан 2597 солкуобайынан үрдээн, орто биэнсийэ 36 776,80 солкуобайга тэҥнэстэ. Маны тэҥэ, биэнсийэ тус коэффициена үрдээн, 156,76 солкуобайга тэҥнэстэ, страховой биэнсийэҕэ бигэргэммит төлөбүр кээмэйэ 8 907 солкуобайтан 9 584,69 солкуобайга диэри үрдээтэ.
Хас биирдии биэнсийэлээххэ эбилик биэнсийэ кээмэйиттэн тутулуктаах: ыстааһа, хамнаһа, страховой усунуоһа, коэффициена элбэх буоллаҕына, бу эбилик суумата эмиэ үрдүк буолар.
Индексацияны ыларга сайабылыанньа суруйар ирдэммэт.
Ыйытыыларгытын 8-800-100-00-01 нүөмэргэ босхо эрийэн, биэриэххитин сөп.
Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/18341
This post was published on 13.01.2026 14:14 14:14