"Столичнай" ырыынакка охсуһуу төрдө тугуй?

Киин куорат «Столичнай» (дьоҥҥо ордук «Кытай ырыынага» диэнинэн биллэр) ырыынагар кытай атыылааччылара биир киһини охторо сытан тэбиэлиир видеолара социальнай ситимнэринэн тарҕаммыта.

Бу чахчыны Дьокуускай куорат полицията бэрэбиэркэлээн, манныгы быһаарда:

Ыам ыйын 21 күнүгэр, киэһэ 17.00 чаас саҕана, «Столичнай» ырыынакка бастаан икки киһи тыл тылга тииһэн, устунан охсуһан турбуттар. Онно хас да атыылааччы кэлэн кыттыспыт. Кинилэр ортолоругар, видеоҕа көрдөххө, олоппоһунан сэбилэнээччи кытары баар. Эмсэҕэлээччинэн Аллайыахаттан сылдьар 20 саастаах уол буолбут.

Сотору кэминэн полицейскайдар ырыынакка үлэлиир, быһылааҥҥа кыттыбыт биэс киһини туппуттар. Бастаан утаа «уоруйаҕы тутан кырбаабыттар» диэн сурах тарҕаммыта, ол оруна суоҕа билиннэ.

Эмсэҕэлээччи сайабылыанньа суруйартан аккаастаммыт. Атыылааччылар эмиэ «киниэхэ туох да сэмэбит-суҥхабыт суох» диэн быһаарбыттар.

Инньэ гынан, биэс киһи РФ Административнай кодексатын 20.1-с ыстатыйатынан, ол эбэтэр, бытархай күлүгээннээһин иһин, эппиэккэ тардыллыбыттар.

Ол эрэн, бу буолбут чахчынан бэрэбиэркэ син биир бара турар. Быһылаан дьиҥ туохтан тахсыбытын быһаарар сыалтан.

This post was published on 25.05.2016 09:52 09:52