Кини Сигал Арассыыйаҕа олорорунан уонна үлэлииринэн бэйэтин дьыалатын тэриммитин, Арассыыйа гражданствотын ылан баран, нолуок приставтарыттан куота сылдьар сорох омук дьонун курдук буолуон баҕарбатын эттэ. Сигал Арассыыйаҕа номнуо хас да киинэҕэ оонньообут, бу үлэтин салгыыр санаалаах эбит.
Владимир Путин АХШ артыыһыгар Арассыыйа гражданствотын биэрэр туһунан ыйаахха 2016 сыл сэтинньи 3 күнүгэр илии баттаабыта уонна сэтинньи 25-гэр тус бэйэтинэн Стивен Сигалга дойду гражданинын пааспарын туттарбыта.
Ол кэмҥэ Стивен Сигал ойоҕунаан Батсухийн Эрдэнэтуяалыын Андрей Малахов “Пусть говорят” диэн биэриитигэр ыалдьыттаабыттара. Онно артыыс кини аҕата Владивостоктан төрүттээҕин, ДНК-тест түмүгүнэн төрдүлэрэ Байкал күөлгэ олорбуттарын, Саха сирин норуоттарын кытта сибээстээхтэрин быһаарбыттарын эппитэ.
Роман Попов, edersaas.ru