Аатырар стилистэр кэлэр сайын 90-с сыллардааҕы курдук баттах укладката тренд буолуо диэтилэр. Ол туһунан «Лента.ру» Bustle таһаарыытыгар сигэнэн суруйда.
Ол курдук, сайынын сирэйгин кыратык бүөлүүр көпсөркөй укладка муодата кэлиэҕэ. «Муода төннөн кэлэ турар, билигин 90- с уонна нулевой сыллар муодалара аа дьуо төннөн эрэрин көрөбүт. Оттон элбэх саҥа аныгы инструменнар көмөлөрүнэн укладка оҥостор быдан чэпчэки буолла», — диэн аан дойдутааҕы TRESemmé бренд стилиһэ Жюстин Маржан кэпсээтэ.
Экспертэр бу укладканы оҥорууга хас да сүбэни биэрдилэр. Бастатан туран, сииктээх баттаҕы тарбахтаргынан тарыы-тарыы, фенынан куурдаҕын. Ол кэнниттэн баттаххын үс аҥы араартаталаан баран түгэҕин иһэрдьэ диэки эрийэҕин. Баттаҕын килибэчийэрин туһугар спрей-уход туһанары сүбэлииллэр. Синньигэс баттаҕы оҥосторго, объем биэрэр средсволарынан туһаныахха наада. Хойуу баттаҕы өтүүгүнэнэн эрийиэххэ син диэн, парикмахердар сүбэлииллэр.
This post was published on 30.04.2022 14:01 14:01