18 Балаҕан ыйа 18.09
  • $ 91,43
  • 101,51

Стилистэр бу сайын 90-с сыллардааҕы муода төннүө дииллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аатырар стилистэр кэлэр сайын 90-с сыллардааҕы курдук баттах укладката тренд буолуо диэтилэр. Ол туһунан «Лента.ру» Bustle  таһаарыытыгар сигэнэн суруйда.

Ол курдук, сайынын сирэйгин кыратык бүөлүүр көпсөркөй укладка муодата кэлиэҕэ. «Муода төннөн кэлэ турар, билигин 90- с уонна нулевой сыллар муодалара аа дьуо төннөн эрэрин көрөбүт.  Оттон элбэх саҥа аныгы инструменнар көмөлөрүнэн укладка оҥостор быдан чэпчэки буолла», — диэн аан дойдутааҕы TRESemmé бренд стилиһэ Жюстин Маржан кэпсээтэ.

Экспертэр бу укладканы оҥорууга хас да сүбэни биэрдилэр. Бастатан туран, сииктээх баттаҕы тарбахтаргынан тарыы-тарыы, фенынан куурдаҕын. Ол кэнниттэн баттаххын үс аҥы араартаталаан баран түгэҕин иһэрдьэ диэки эрийэҕин.  Баттаҕын килибэчийэрин туһугар спрей-уход туһанары сүбэлииллэр. Синньигэс баттаҕы оҥосторго, объем биэрэр средсволарынан туһаныахха наада.  Хойуу баттаҕы өтүүгүнэнэн эрийиэххэ син диэн, парикмахердар сүбэлииллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар