Үстэриттэн сэттэтигэр диэри саастаах оҕолорго 2,3 мөл.солкуобай көмө харчы төлөннө

Үстэриттэн сэттэтигэр диэри саастаах 36 тыһ оҕоҕо 2,3 мөл.солкуобай көмө харчы төлөннө. Бу туһунан үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 


Бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн үһүттэн сэттэтигэр диэри саастаах оҕолорго ыйын аайы 8 830 солкуобай төлөнөр. Көмө харчыны кыра дохуоттаах ыал ылар бырааптаах.

Үлэлэрин сүтэрбит дьоҥҥо көмө харчыны урукку дохуоттарыгар олоҕурбакка, билиҥҥи балаһыанньаларын көрөн аныахтара.

Сайабылыанньаны https://www.gosuslugi.ru/ биэриэххэ сөп эбэтэр олорор сиргитинэн социальнай харалта управлениеларыгар билсиэххэ сөп. Төлөпүөннэрин нүөмэрдэрин манна көр https://mintrud.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3180015

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/vyplaty-na-detej-ot-treh-do-semi-let-v-yakutii-grazhdanam-perechisleno-bolee-2-3-mln-rublej/

This post was published on 14.08.2020 17:04 17:04