Бэҕэһээ «Степан Васильевич Васильев Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа үөскүүрүгэр уонна Саха АССР-га көмүс хостуур бырамыысыланнаһы сайыннарыыга оруола” диэн темаҕа бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ Дьокуускайга буолан ааста. Онлайн киэбинэн дьон сүдү киһи туһунан чинчийбит үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Ньурба улууһуттан төрүттээх Степан Васильев биир идэлээхтэр сойуустарын хамсааһынын тэрийиини көҕүлээбиттэртэн биирдэстэрэ. Кини историяҕа ыарахан бырамыысыланнас сайдыытынан быһаччы дьарыктаммыт киһинэн биллэр. 1930-с сылларга тимири уонна көмүһү хостооһун профсоюһун киин кэмитиэтинн салайбыта, онтон хомунньуус баартыйа хонтуруолун кэмитиэтигэр ыарахан бырамыысыланнас бөлөҕүн салайбыта.
“Быйыл Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиибит, бу биһиги чулуу дьоммут үлэлэрин түмүгэ. Степан Васильев, Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов ол саҕана сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэр дьон өйдөрүн-санааларын, хорсун быһыыларын киһи сөҕөр, холобур оҥостор”, — диэн Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников бэлиэтээтэ.
“Ньурбаттан төрүттээх чулуу киһибит Степан Васильев олоҕун туһунан историческай наука доктора Василий Иванов суруйан турардаах. Бу суруйуутугар Степан Васильев Саха сиригэр ыарахан бырамыысыланнас, көмүс хостооһуна үөскүүрүгэр киллэрбит кылаата, үлэтин сырата дьэҥкирдик көстөр”, — диэн Ньурба улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Евсеев чопчулаата.
Кэмпириэнсийэ кыттылаахтара Степан Васильев олоҕун араас кэмнэрин ахтан-санаан аастылар. Таланнаах киһи туохха барытыгар талааннаах диилэрин курдук, Степан Васильев бары өттүнэн чаҕылхай олоҕу олорбутун кини үлэтин түмүгэ көрдөрөр.
Ааптар: Мария Горохова, СИА
Хаартысканы тиксэрдэ Геннадий Антонов, Ньурба улууһа
This post was published on 25.03.2022 10:44 10:44