Болдьох иннинэ быыбардар түмүктэринэн Чурапчы улууһун баһылыгынан «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия кандидатын Степан Саргыдаевы таллылар. Киниэхэ улуус быыбардааччыларын 62 %- тан тахса бырыһыаннара куоластарын биэрбиттэр. Саҥа баһылык үлэ барыахтаах тоҕус хайысхатын ааттаата.
Куоластааһын 29 учаастакка барда, улууска 15 034 быыбардааччы регистрацияланна. Быыбардааччылар үксүлэрэ — 62% куоластарын Степан Саргыдаевка биэрдилэр.
«Бастатан туран, биир дойдулаахтарбар үрдүк итэҕэллэрин иһин махтаныахпын баҕарабын. Миэхэ бу улахан эппиэтинэс, онон баһылык быһыытынан үлэбин улахан кыһамньыбын ууран, мунньуллубут уопуту барытын туһанан саҕалыам. Чурапчы улууһугар олоҕу тупсарыыга тоҕус сүрүн хайысханан бырагыраама оҥордум — тыа хаһаайыстыбатын, култуура уонна духуобунас, спорт, ыччат политикатын сайыннарыы, кадр политикатын, үөрэхтээһин, эбийиэктэрин тутуу, бүддьүөтү улаатыннарыы. Бу хайысхаларынан үлэбин саҕалыыбын, элбэҕи ситиһиэм диэн эрэнэбин. Эргэ мас дьиэлэр оннуларыгар саҥа оскуолалары тутуохха, нэһилиэнньэни гааһынан хааччыйыахха, хочуолунайдары тутуохха наада, балыыһалар уонна суол өрөмүөнү эрэйэллэр. Өрөспүүбүлүкэ туруорар соруктарын олоххо киллэрэр туһугар «Биир ньыгыл Россия» партия нөҥүө бары улуустары кытары бииргэ үлэлиэхтээхпит. Нэһилиэк сайдыыта — улуус сайдыыта, оттон улуус сайдыыта — өрөспүүбүлүкэ сайдыыта, диэн девизтаах үлэлиэхпит«, — диэн Степан Саргыдаев иһитиннэрдэ.
Биографията:
Төрөөбүт күнэ — от ыйын 13 күнэ 1980 сыл.
Төрөөбүт сирэ: Үрүҥ Күөл Чурапчы Саха АССР
Үөрэҕэ:
— М. К. Аммосов аатынан Дьокуускайдааҕы судаарыстыбыннай университет педагогическай институтун 2002 бүтэрбит, Дьокуускай к.
— «Уһук Илиҥҥи судаарыстыбыннай сулууспа академиятын» 2008 с. бүтэрбит, Хабаровскай к.
— Идэтинэн инженер- педагог.
Эбии «Государственнай уонна муниципальнай салалта» менеджерэ диэн үөрэхтээх.
Үлэлээбит сирдэрэ:
08.2002 -02.2005 сыллардаахха Чурапчы улуустааҕы гимназиятыгар информатика учуутала;
02.2005–12.2005 — Чурапчы сэлиэнньэтин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы;
01.2006–03.2010 — » Чурапчы нэһилиэгэ» баһылыгын солбуйааччы;
03.2010–10.2012 — » Чурапчы улууһа (оройуона)» муниципальнай тэриллии баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы;
10.2012-10.2018 – «Чурапчы нэһилиэгэ» МО баһылыга;
2018-2021 — СӨ ыччат уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ;
2021 — Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы.
Кэргэннээх, икки оҕолоох
This post was published on 13.12.2021 19:03 19:03