«Старость в радость» аһымал пуонда кырдьаҕастар дьиэлэригэр тыһыынчанан харыстанар маллары тиксэрдэ

«Старость в радость» аһымал пуонда кырдьаҕастар дьиэлэригэр тыһыынчанан харыстанар мааскалары, бахиллалары, бэрчээккэлэри, көстүүмнэри бэлэхтээтэ. Бу туһунан СИАҕа үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


Аһымал пуонда 2011 сыллаахтан тэриллэн үлэлиир. Дойду 46 регионугар олорор кырдьаҕастарга, бэтэрээннэргэ, инбэлииттэргэ араас көмөнү оҥорор.

Муус устар 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ 46 социальнай көрүү-истии дьиэлэрэ харантыыҥҥа олороллор.

Саха сиригэр самоизоляция кэмигэр 5,2 тыһ. социальнай үлэһит кырдьаҕастары көрөр-истэр, 28 хонук устата суукканы эргиччи 863 дьуһуурунай үлэлиир.

This post was published on 18.08.2020 16:01 16:01