Сталинград кыргыһыытыгар бойобуой сүрэхтэниитин ааспыта

Олунньу 2 күнүгэр  Николай Сидоровиһы дьиэтигэр баран көрүстүбүт, эҕэрдэлээтибит.

97-с хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕаспыт биһиги тиийэрбитигэр тэлгэһэтин хаарын күрдьэ сылдьара. Кини: «Оҕолор, дьиэҕэ киириҥ», — диэн саха киһитин үгэһинэн биһигини үөрэ-көтө көрүстэ. Дьиэҕэ киирэн таҥаһын сып-сап курдук уларыттан, олоҕун эрэллээх аргыһынаан Мария Никифоровналыын сымнаҕас дьыбааҥҥа сэргэстэһэ олорон, Николай Сидорович ол суостаах кыргыһыы түгэннэриттэн маннык кэпсээтэ:

— Мин бастакы бойобуой сүрэхтэниибин Сталинград кыргыһыытыгар ааспытым. Онно өйдөөх-мэйдээх кыайан тулуйбат, уот будулҕанын ортотугар түбэспитим. Онно сүнньүм туһаайыытынан снаряд оскуолката түһэн уонна уҥа илиим тарбаҕын быһа ыттаран, ыараханнык бааһырбытым. Төһө уһуннук сыппытым эбитэ буолла, өйдөөбөппүн. Үс хонук устата уһаты-туора сырыттым, автоматым эрэ баар, атын тугум да суох, уһуннук эрэйдэнэн, дэлби аччыктаан, нэһиилэ сыккырыыр тыыным эрэ хаалан баран, бэйэм дьоммун булбутум. Онно үөрүүм кэмэ суох этэ. Онтон ыйы кыайбат кэмҥэ госпиталга сытан эмтэммитим.

Үтүөрэн баран салгыы саа-саадах тутан, снайпер буолар баҕалаах дьоммор тиийбитим. Онуоха: «Эн ытар сөмүйэҥ суох эбит, онон биһиэхэ разведчик буоларын ордук наадалаах», — диэн, разведчиктар этэрээттэригэр ыыппыттара. Дьэ, ити курдук сэрии бүтүөр диэри Европаны, Берлини босхолооһуҥҥа харса суох сэриилэспитим, өстөөх тыылыгар киирэ-тахса сылдьан, араас суһал сорудахтары разведчик быһыытынан чиэстээхтик толорбутум.

Сталинград иһин кыргыһыы саамай уодаһыннаах уонна улахан хаан тохтуулаах этэ, ити миэхэ, бастакы сүрэхтэниим буоларынан, олус ыарахан уонна кытаанах этэ, — диэн ахтар кырдьаҕас бэтэрээн, бойобуой разведчик ытыктабыллаах Николай Сидорович Николаев.

This post was published on 10.02.2016 10:24 10:24