Өссө 20 ойуур баһаарын умуруордулар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Ааспыт сууккаҕа 12 тыһыынча га иэннээх 19 ойуур баһаарын умуруорбуттарын туһунан экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Ол эрээри эбии 9844 га иэннээх 33 ойуур баһаара баара билиннэ.  2301 га иэннээх 5 ойуур баһаарын умуруордулар. Баһаары умуруорууга 1103  киһи үлэлээтэ. Ойуур уотун бохсууга туһуламмыт күүс бары хайысхаларынан хаҥатыллар.

«Бүгүн Зырянка бөһүөлэгэр 20 баһаарынай ойуур баһаарын утары үлэлии тиийдэ. Тааттаҕа 12  киһини ыыттыбыт. Бурятияттан 12 парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа исписэлиистэрин күүтэбит. Кинилэр Алдаҥҥа уонна Өлүөхүмэҕэ үлэлиэхтэрэ.  Бу күннэргэ эрэгийиэннэр бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһүүлэрин чэрчитинэн  130 киһи кэлиэхтээх: 30 киһи – Бурятияттан, 50 – Комиттан, 50 – Тюменьтан», —   диэн бэлиэтээтэ бүгүҥҥү брифиҥҥэ Андрей Коноплев.

This post was published on 24.06.2024 13:01 13:01