«Спутник Лайт» вакцина үс нэдиэлэнэн таһаарыллыаҕа

Коронавируһу утары биирдэ эрэ бэриллэр «Спутник Лайт» вакцина үс нэдиэлэнэн таһаарыллыан сөп. Бу туһунан суруналыыстарга РФ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко эттэ, суруйар ТАСС.


«Үс нэдиэлэнэн», — диэтэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ, ыйытыы киирбитигэр.

COVID-19 ыарыыны утарар туһуттан биирдэ эрэ бэриллэр «Спутник Лайт» Н.Ф. Гамалея аатынан кииҥҥэ оҥоһуллар. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, клиническай чинчийии түмүгүнэн, препарат дьон доруобуйатыгар куттала суоҕа быһаарыллыбыт. Баҕа өттүнэн ылбыттар SARS-CoV-2 ыарыыны утары иммунитеттаммыттара быһаарыллыбыт. Саҥа вакцина эпидемия кэмигэр дьон түргэнник ыарыыны утары иммунитета күүһүрэригэр туһалыа диэн иһитиннэриигэ суруллар.

«Спутник Лайт» таһынан Россияҕа өссө үс вакция регистрацияны ааспыт. «Спутник V»-ны эмиэ Н.Ф. Гамалея аатынан киин, «ЭпиВакКорона» «Вектор» киин уонна «КовиВак» Чумаков аатынан киин.

This post was published on 21.05.2021 14:01 14:01