Пекиҥҥэ буолаары турар олимпийскай оонньууларга спортсменнар 70 %- нара кэллилэр, объектарга эрчиллэн саҕалаабыттар. Бу туһунан суруналыыстарга аан дойдутааҕы олимпийскай комитет (МК) операционнай дириэктэрэ Пьер Дюкри кэпсээтэ, диэн ТАСС иһитиннэрдэ.
«Үөрүүлээх арыллыы тэрээһинигэр толору бэлэммит, — диэтэ Дюкри. Спортсменнар улахан аҥаардара кэлэн, билигин объектарга эрчиллэллэр. Барыта олус үчүгэйдик баран иһэр«.
Олимпийскай оонньуулар олунньу 4-20 күннэригэр Пекиҥҥэ ыытыллыахтара.
This post was published on 02.02.2022 18:15 18:15