Социальнай тэрилтэ үлэһитэ түөкүннээһиҥҥэ уорбаланар

Өлүөхүмэ борокуратуурата сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах, социальнай суолталаах бүддьүөт тэрилтэтигэр табаары атыылаһыыга сокуону тутуһуу хайдаҕын бэрэбиэркэлээбит.


Бэрэбиэркэ быһаарбытынан, бу судаарыстыбаннай тэрилтэ үс чааһынай предприниматели кытта дуогабар түһэрсибит. «Алаас» диэн ааттаах сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор сайыҥҥы базаларыгар малы-табаары атыылаһыыга.

Маныаха бу тэрилтэ дуогабардары түһэрсиинэн дьарыктанар үлэһитэ табаардары ылбытын туһунан илии баттаабыт эрээри, олору тэрилтэҕэ тиэрдибэтэх. Ол түмүгэр, тэрилтэҕэ 347 тыһ. солк. суумалаах хоромньу оҥоһуллубут.

Борокуратуура бэрэбиэркэ матырыйаалларын силиэстийэ уорганнарыгар ыыппыт.

Ол матырыйаалларга олоҕуран, силиэстийэ уорганнара бу үлэһиккэ РФ Холуобунай кодексатын 159-с ыст. 3-с чааһынан, ол эбэтэр, түөкүннээһин бэлиэтэ баарынан, дьыала тэрийбиттэр.

Дьыаланы силиэстийэлээһин борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

This post was published on 06.02.2018 11:48 11:48