Социальнай төлөбүрдэр уонна биэнсийэлэр солкуобай түһүүтүттэн тутулуга суох индексацияланыахтара диэн РИА Новости-га Федерация Сэбиэтин соцбэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Бибикова иһитиннэрдэ, диэн СИА суруйар.
«Социальнай эбэһээтэлистибэлэр толоруллуохтара. Конституцияҕа киллэрэргэ былааннаммыт — социальнай төлөбүрдэри уонна биэнсийэни индексациялааһын — толоруллуоҕа«, — диэтэ сенатор.
Кини бэлиэтээбитинэн, Россия олохтоохторо солкуобай түспүтүттэн дьаахханыа суохтаахтар.
This post was published on 10.03.2020 12:18 12:18