Россия былааһа дьон социальнай көмөнү уонна босуобуйаны ылыыларын механизмын судургутутта. Электроннай сертификат систиэмэтэ хас биирдии көмөҕө наадыйааччыга анаммыт төлөбүр тиийэрин мэктиэлиир. Ол туһунан Ura.ru экспертэргэ сигэнэн суруйда диэн иһитиннэрэр 360tv.ru.
Экспертэр этэллэринэн, сертификаттар инбэлииттэри кытта үлэҕэ көдьүүстээхтэрэ биллибит. Онон атын да социальнай бөлөхтөргө тарҕатар наадалааҕа этилиннэ.
Электроннай сертификат систиэмэтэ 2021 сыл бүтэһигиттэн киирбитэ.
«Бу олус түргэнник сайдар кыахтаах киэп, салгыы да Российскай Федерация субъектарыгар үлэлиэҕэ. Оттон 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, сокуоҥҥа олоҕуран, нэһилиэнньэни эминэн хааччыйыыга туһуланыаҕа», — диэн РФ бырабыыталыстыбатын премьера Михаил Мишустин Федеральнай казначейство салайааччыта Роман Артюхинныын көрсүһүүтүгэр этилиннэ.
8000 сертификат оҥоһулунна, уопсай суума 181 мөл солк.
This post was published on 11.05.2022 17:01 17:01