Быйыл кыра дохуоттаах кыаммат ыал олбуордарын, дьиэлэрин саҥардыыга, кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэллэригэр көмө барыаҕа. Ону сэргэ, көмөнү биэриигэ түөлбэлэр баһылыгы кытары кыттыһан үлэлиэхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан баһылыктары кытары үгэскэ кубулуйбут көрсүһүүтүгэр бэлиэтээн эппитин туһунан edersaas.ru сурулунна.
Түөлбэлэр баһылыгы кытта тэҥҥэ
Кыра дохуоттаах кыаммат ыал судаарыстыбаттан кэлэр социальнай көмөнү билигин улууска докумуон түһэрэн ылар. Ол эрээри сорох ардыгар бу көмөнү дьиҥ-чахчы ылыан сөптөөх киһи билбэккэ эбэтэр кыайан докумуонун эккирэтиспэккэ, ылбакка хаалар түгэнэ эмиэ баар. Ол иһин Егор Борисов олохтоох дьаһалта миэстэтигэр кимиэхэ көмө наадатын көрө олорон быһаарара ордук диэн бырабыыталыстыбаҕа социальнай көмө сорох боломуочуйатын нэһилиэк таһымыгар биэрии механизмын толкуйдаан көрөргө сорудахтаабыта. Бу туһунан «Нэһилиэк» бырайыак кыттыылаахтара Ил Дарханы кытары көрсүһүүлэригэр эмиэ этэн тураллар. Ону истэн, үөрэтэн баран, Егор Афанасьевич көмөнү биэриини нэһилиэнньэ бэйэтэ көрөн хонтуруоллууругар көҥүлү биэрдэ. «Түөлбэлэртэн, ТОС-тартан ураты нэһилиэккэ ким, хайдах олорорун үчүгэйдик ким да билбэт. Ол иһин кинилэр дьаһалтаны кытары кыттыһан үлэлиир усулуобуйаларын тэрийиэҕиҥ. Бу үлэҕэ уопсастыба кыттыстаҕына, икки өттүттэн эппиэтинэс үрдүөҕэ», — диэн бэлиэтиир кини.
Кырдьыга да оннук. Холобур, нэһилиэк дьоно ол ыалга кэлэн субуотунньуктаан олбуорун, дьиэтин-уотун саҥардан биэрдин, ыал өрө тардына түһүө этэ. Ол эрээри сороҕор судаарыстыбаттан көмөнү ыла баран киһи атын сыалга туһанара эмиэ баар. Ордук арыгы иһэр дьонтон киһи сэрэхэчийэр. Ол иһин түөлбэ олохтоохторо итини барытын хонтуруоллаан көрө-истэ, отчуоттата сылдьыахтара.
Быһатын эттэххэ, Ил Дархан түөлбэлэр нэһилиэк олоҕор ылар оруолларын үрдэтэн биэрдэ. Аны билигин түөлбэ салайааччыта социальнай көмөнү биэриигэ баһылыгы кытары тэҥҥэ докумуоҥҥа илии баттыаҕа. Салгыы туох саҥа көмө киирбитин билиһиннэриим.
Кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кыаммат ыал кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэригэр быйыл эбии 100 мөл. солк. (нэһилиэккэ 1 мөл. солк. тиксэр) көрүөҕэ. Бу маннык үлэ хас биирдии нэһилиэккэ тиийэрин курдук дьаһал барыаҕа. Ол эбэтэр быйыл 100 нэһилиэк ылбыт буоллаҕына, эһиил өссө 100, онтон кэлэр сылга эмиэ 100 нэһилиэк ылыаҕа. Ити курдук, икки-үс сылынан бары нэһилиэктэр кыаммат ыалларыгар эбии дохуот киллэринэллэригэр күүс-көмө буолуохтара.
Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, быйылгыттан тыа хаһаайыстыбатын сокуона күүһүгэр киирэн, үүт, эт, о.д.а. сыаналара быһылынна, оҥорон таһаарааччылар эппиэтинэстэрэ үрдээтэ. Аны мантан ыла кэпэрээссийэҕэ улахан болҕомто ууруллуоҕа. Ону сэргэ, «төрүт гектар» сокуонуттан тэптэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕалаах дьон эбии 2,5 га сири быстаран ылаллара көҥүллэннэ, сылгы иитэр дьон база тутталларыгар, сири ылыыларыгар туспа ыйаах таҕыста.
Олбуору оҥорууга
Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетика министиэристибэтэ тупсарыныы бырагырааматын чэрчитинэн ыытар куонкуруһугар кыттан, икки сыл устата 142 нэһилиэнньэлээх пуун субсидиянан туһанна. Быйыл манна көрүллэр суума 650 мөл. солк. буолла. Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэктэр бу хайысхаҕа үчүгэй түмүгү көрдөрөннөр, быйыл федеральнай бүддьүөттэн 195 мөл. солк. ыллыбыт. Хор, ити ээ, хас биирдии нэһилиэк кыһаллан үлэлээтэҕинэ, киинтэн да үбүлээһин кэлэрэ бэтэрээнэн буолар.
Куонкурус балаһыанньатыгар быйыл уларыйыы киирэн, эрдэ субсидияны ылбыт нэһилиэктэр кыттыахтара суоҕа. Ону сэргэ, тупсаран оҥорууга кэлбит харчыттан баһылыктар олбуордарын, дьиэлэрин-уоттарын кыайан оҥостубакка олорор дьоҥҥо ыытар кыахтаныахтара. Эрдэ бу маннык пуун суоҕа. Онон биэс сыл устата (Ил Дархан мунньахха бэлиэтээтэ) хас биирдии нэһилиэнньэлээх пуун бу көмөнөн туһанан тас көстүүтүн тупсарынарыгар кыах бэриллиэҕэ.
Чааһынай дьиэлэри тутууга
Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 600 тыһ. кв м иэннээх дьиэ тутулунна. Аһара баран эттэххэ, эһиилгиттэн дьиэ тутуута сыыйа-баайа эбиллэн, 2022 сылга былаан 1 мөл. кв м иэҥҥэ тиийиэхтээх. Онуоха бастакы уочарат тус олорор дьиэлэргэ болҕомто ууруллуохтаах. Ил Дархан бэлиэтииринэн, билигин тутуу аҥаара чааһынай, аҥаара — элбэх кыбартыыралаах дьиэ эбит буоллаҕына, аны 60 % тыа сиригэр чааһынай дьиэлэри тутууга туһуланыахтаах. Көмө, бастатан туран, нэһилиэккэ кэлэн олохсуйуон баҕалаах эдэр дьон чааһынай дьиэ тутталларыгар барыаҕа.
Ону сэргэ, Егор Борисов хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү, төһө да федеральнай бырагыраама быйыл балаҕан ыйынан тохтоотор, өрөспүүбүлүкэ суотугар салгыы ыытыллыаҕын туһунан өссө төгүл санатан эттэ. Билигин 2012 с. диэри испииһэккэ киирбит дьиэлэри көтүрүү бара турар. Манна киирбэккэ хаалбыт дьиэлэри салгыы испииһэктээн, өрөспүүбүлүкэ былаан оҥостуоҕа.
Аны салгыы нэһилиэктэр бүддьүөттэрин, онно туох саҥа уларыйыы киирбитин көрүөххэ.
Социальнай эйгэҕэ үп кыччаабата
Өрөспүүбүлүкэ быйылгы сыллаах бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа төһө да үрдээтэр (Быйыл үп сүрүн сокуонунан 165,6 млрд солк. быһылынна. Сыл түмүгэр бу сыыппара уларыйыан сөп. Холобур, былырыын сокуоҥҥа 164,3 млрд солк. суруллан баран, сыл түмүгэр 175,8 млрд солк. тиийэ улааппыта), бу сылга үп-харчы өттүнэн кырыымчык буоларыгар тиийэр. Ордук ити инвестиционнай бырагыраамаҕа оҕуста (быйылгы сылга 15,3 млрд солк. барыаҕа). Ол эрээри санатан этэбин, социальнай эйгэҕэ үбүлээһин намтаабата, төттөрүтүн сорох бырагыраамаларга эбилиннэ.
Ол оннугар муниципальнай тэриллиилэр бүддьүөттэрин тэҥниир дотация кыччаата. Былырыын, уопсайа, 74 млрд солк. барбыт эбит буоллаҕына, быйыл 68,5 млрд солк. көрүллүөҕэ. Үп миниистирэ Валерий Жондоров этэринэн, бу уларыйыы сорох боломуочуйа (холобур, үөрэх эйгэтигэр лаборант, библиотекарь, завхоз, каадыр отделын үлэһиттэрэ, о.д.а.) судаарыстыбаҕа барбытыттан, сорох үлэһиттэр хамнастара муниципалитекка эбии суруллубутуттан, нэһилиэктэр коммунальнай өҥөлөрө «поселенческэй тарыыпка» көһүүлэриттэн тахсыбыт. Санатан эттэххэ, ааспыт сылга от ыйын 1 күнүттэн коммунальнай өҥөҕө нэһилиэктэр «поселенческэй тарыып» диэҥҥэ көспүттэрэ. Онон быйыл хас биирдии нэһилиэк тус-туһунан тарыыбы төлүүр.
«Хочуолунайдаргытын көрүнүҥ»
Сыана бэлиитикэтин госкэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова бэлиэтииринэн, төһөнөн хочуолунай улахан кыамталаах уонна төһөнөн элбэх эбийиэги сылытан турар да, оччонон төлөбүрэ кыра буолар эбит. Холобурга, Дьааҥы улууһун Боронугун уонна Үүттээҕин ылыахха. Үүттээх Боронуктааҕар улуус кииниттэн Баатаҕайтан чугас (оттугу таһыыга быдан кыраны ороскуоттуур) эрээри, коммунальнай өҥөҕө төлүүр тарыыба быдан үрдүк. Тоҕо диэтэргин, Боронукка Үүттээх икки хочуолунайын бары өттүнэн сабырыйар (сылааһы биэрэринэн да, уокка-күөскэ кыраны төлүүрүнэн да) хочуолунай турар буолан. Ону сэргэ, манна нэһилиэнньэтин ахсаана да охсор буолуохтаах. Онон коммунальнай өҥө тарыыбыгар хочуолунай кыамтата уонна киин ититэр систиэмэҕэ төһө элбэх эбийиэк холбоммута быһаарар оруолу ылаллар.
Мантан көстөрүнэн, баһылыктар хочуолунай кыамтатын үрдэтэр сыалтан саҥа технологияны киллэриигэ күүскэ үлэлэһиэхтээхтэр. Манна холобур быһыытынан, мэҥэ хаҥаластары уонна ньурбалары аҕалыахха сөп. Мэҥэ Хаҥаласка «Армон» диэн чааһынай тэрилтэ таас чоҕунан оттуллар хочуолунайдары аҕалан туруортаата. Бу түмүгэр тарыып 8 %-тан саҕалаан 39 % диэри түспүт. Ньурбаҕа эмиэ чааһынай предприниматель хочуолунайдары бэйэтигэр ылан, таас чоҕунан барар (оттугун Кировскай таас чохтоох сиртэн баран ылар) хочуоллары сакаастаан аҕалан туруортарбыта. Бу түмүгэр коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрин хамнаһа үрдээбит уонна тарыып 25 % түспүт.
Бу туһунан мунньахха Егор Борисов эмиэ этэн аһарда. «Хочуолунайгыт төһөнү сиирин ааҕынан көрүҥ. Өскөтүн ити ааҕыныыгыт бүддьүөккүтүн аһары барар буоллаҕына, инвестордары көрдөөн коммунальнай өҥөнү чааһынай илиигэ биэриҥ», — диэн эттэ. Манна сыһыаран, мунньахха Ил Дархан судаарыстыбаннай бырагыраамаларга кыттарга муниципальнай тэриллии эбии угар харчыта суох буоллаҕына, инвестордар харчыларын кыттыһын нарыахтарын сөп (өскөтүн инвестор эбии үбүлээһиҥҥэ хайаатар да кыттабын диэн мэктиэ тылын, суругун биэрэр буоллаҕына) диэн эппитин холобурдуубун. Ол эбэтэр, ханнык баҕарар бырайыакка нэһилиэк бэйэтэ угар харчыта суох буоллаҕына, туораттан инвестордары аҕалан кыттыгас харчы тэптэрэн бырагыраамаларга кыттыан сөп.
Түмүк
Онон түмүктээн эттэххэ, быйыл кыра дохуоттаах кыаммат ыалга көмөлөһүүгэ, олохтоох оҥорон таһаарыыга, нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтиигэ болҕомто уурулунна. Иккиһинэн, олохтоох салайыныы бүддьүөтүн хаҥатыыга быйылгыттан улахан үлэ барыахтаах. Мунньах кэнниттэн олохтоох бүддьүөтү хаҥатыыга бу маннык түһүмэхтэри бэлиэтиэм этэ.
Нэһилиэк бүддьүөтүн хаҥатыы, бастакы уочарат, былааннааһынтан улахан тутулуктаах. Онон муниципальнай тэриллии нэһилиэнньэни кытары атах тэпсэн олорон нэһилиэк тугунан дьарыктаныан, тугу ойуччу тутан сайыннарыан баҕарарын ымпыгар-чымпыгар тиийэ үчүгэйдик торумнуура улахан оруоллаах. Өскөтүн былаан чопчу уонна толору буоллаҕына, баһылык үлэлииригэр да чэпчэки, уон араас сиринэн сүүрбэккэ, биир хайысханы тутуһан нэһилиэгэр барсар бырайыагы булан инвесторы да булара дөбөҥ.
Быйылгыттан өрөспүүбүлүкэ бырайыагынан үлэ ньыматыгар көстө. Салгыы бу ньыма сыыйа олохтоох салайыныыга эмиэ өтөн киириэҕэ. Егор Борисов этэринэн, олохтоох салайыныы бырайыага үс таһымынан барыахтаах. Пилотнай бырайыагынан «Манчаары оонньуулара» буолуоҕа. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэ 2030 с. диэри сайдыытын стратегията оҥоһуллан бүттэ. Бу курдук стратегияны хас биирдии муниципальнай тэриллии оҥостуоҕа.
Ханнык баҕарар бүддьүөт нолуоктан тутулуктаах. Санатан эттэххэ, быйылгыттан баай-дуол нолуогар уларыйыы киирэн, дьиэ-уот, сир кадастровай сыанатынан төлөнөр буолла. Онон инникитин бу нолуок олохтоох бүддьүөккэ ойуччу миэстэни ылыаҕа.
Ил Дархан Анал этиитигэр олохтоох оҥорон таһаарыынан күүскэ дьарыктаныахтаахпыт туһунан бэлиэтээн турар. Онон нэһилиэнньэ дохуоттаах буоларын туһугар уонна дохуоту киллэринэр инниттэн баһылыктар сүүрэн-көтөн, орто, дьоҕус бизнеһи өйөөн, туох быыс-хайаҕас көстөрүн барытын туһанан иһиэхтэрэ. Уонна судаарыстыбаттан кэлбит үп көдьүүстээхтик туһанылларыгар бары күүһү ууруохтара.