Үлэтэ суохтар, социальнай хантыраактар кэҥэтиллибиттэринэн, судаарыстыбаттан эбии өйөбүллэри ылыахтара.
Социальнай хантыраак дьиэ кэргэҥҥэ тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра дохуоттаах киһини кытта түһэрсиллэрэ. Билигин дьиэ кэргэн кулун тутар 1 күнүн кэнниттэн үлэтиттэн уурайбыт уонна үлэтэ суоҕунан ааҕыллыбыт чилиэнин дохуота дьиэ кэргэн дохуотун ааҕыыга учуоттаммат буолла. Ол туһунан Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин уураахха илии баттаата.
Социальнай хантыраак — социальнай көмүскэл уоргаттара уонна киһи икки ардыгар түһэрсиллэр дуогабар. Хантыраак көмөтүнэн киһи хос үөрэниэн, бэйэтин дьыалатын арыныан, кэтэх хаһаайыстыбатын сайыннарыан, үлэҕэ киириэн уонна ыарахан кэмигэр судаарыстыбаттан көмө ылыан сөп.
Социальнай хантыраагынан үлэни дьиэ кэргэн олорор сиринэн социальнай көмүскэл уоргаттара тэрийэн ыыталлар. Маны сэргэ сорох регионнарга Госуслуги портал нөҥүө түһэрсиэххэ сөп.
#объясняемрф