РФ үлэҕэ министиэристибэтэ социальнай хантараак түһэрсии кэмигэр дохуоту ааҕыыга биир кэлим босуобуйа учуоттамматын туһунан уураах бырайыагын бэлэмнээтэ. Докумуон уопсай дьүүлгэ таһаарылынна, биэдэмистибэ саайтыгар суруйдулар.
Бырайыак дойду салайааччыта Владимир Путин сорудаҕынан оҥоһулунна. Үлэ миниистирэ Антон Котяков эппитинэн, билигин сорох кыра дохуоттаах ыаллар социальнай хантараагы түһэрсэр кыахтара суох, тоҕо диэтэххэ босуобуйалара тиийинэн олоруу кээмэйин таһымын куоһарар. Соцхантараак оҕолоох ыаллар үлэ таһаарынан куруук дохуоттаах буолалларыгар аналлаах.
Министиэристибэ эппитинэн, 2024 сылга хантараагынан үбүлээһин ылбыттар 75% дохуоттарын үрдэппиттэр, 46% дьадайыыттан тахсыбыттар. Санаттахха, Саха сиригэр былырыын 4100-тэн тахса соцхантараах түһэрсиллибит.
This post was published on 17.01.2025 12:03 12:03