Саха сиригэр социальнай хантараак кээмэйэ 2024 сылга икки бүк улаатыаҕа. Суумата 500 тыһ солк тэҥнэһиэҕэ.
Ол туһунан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ туһаайан эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы таһыма 19,6-тан 15,6%-ҥа диэри түстэ. Бу дойдуга үчүгэй көрдөрүү. Ити эрээри бу өссө ситэтэ суох. Билигин тэтиммитин икки бүк эбиэхпитин наада. Ол аата, бу кэлэр биэс сылга 70 тыһыынчаттан тахса киһи дьадайыы боруогун ааһыахтаах», — диэтэ Айсен Николаев.
Саха сирин баһылыга бэлиэтээбитинэн, дьадайыыга түбэспит олохтоох дьон өйөбүл эрэ ылыа суохтаахтар, тус болҕомто баар буолуохтаах.
Ордук болҕомто сааһырбыт эбэтэр доруобуйатын туругунан бэйэтэ олох кыһарҕаннарын тулуйан аһардар кыаҕа суохтарга баар буолуоҕа, кинилэри сэргэ Арктика олохтоохторугар.