Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 453,5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 3251 социальнай дуогабар түһэрсиллибит диэн бэлиэтээтэ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова.
“Билиҥҥи туругунан социальнай дуогабар саамай тарҕаммыт хайысхаларынан биирдиилээн урбаан үлэтин сайыннарыы уонна чааһынай хаһаайыстыбаны салайыы буолаллар”, — диэн миниистир Елена Волкова бэлиэтээтэ. 2024 сылтан бу хайысхаларга социальнай дуогабары түһэрсиигэ сүрүн усулуобуйа – анал тест толоруу. Бэрэбиэркэни ааспатах дьоҥҥо үөрэтии олорор сиригэр уонна дистанционнайдык ыытыллар, ол кэнниттэн кууруһу бүтэрбиттэрин туһунан туоһу сурук бэриллэр.
Социальнай дуогабар чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биэнсийэлээх уонна инбэлиит үлэтэ суох гражданнары өйүүр анал бырагыраамалар эмиэ бааллар. Социальнай дуогабарга олоҕурбут судаарыстыбаннай социальнай көмө кыра дохуоттаах гражданнары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин, ону тэҥэ олох уустук балаһыанньатыгар түбэспит дьон үп-харчы балаһыанньатын тупсарыыларыгар туһуланарын бэлиэтээтэ миниистир Елена Волкова.
Ааптар: Елена Потоцкая, Саха сирэ саайт
This post was published on 19.11.2024 12:06 12:06