«Дьоҕус уонна орто предпринимательство уонна биирдиилээн предпринимательскай көҕүлээһини өйөөһүн» нацбырайыагы олоххо киллэриигэ 2021 сылга барыта 313,44 мөл солк көрүллүбүт. Ол иһигэр федеральнай бюджеттан 188,4 мөл солк, Саха сирин хааһынатыттан – 125 мөл солк.
Өрөспүүбүлүкэ үпкэ министиэристибэтин дааннайынан, балаҕан ыйын 30 күнүнээҕи туругунан 163,7 мөл солк туттуллубут, бу 55,3%.
«Балаҕан ыйын 29 күнүгэр бырабыыталыстыба уурааҕа таҕыста. Онно этиллибитинэн, социальнай эйгэ тэрилтэлэригэр нацбырайыак иитинэн субсидия көрүллэр. Балаҕан ыйын 30 — алтынньы 29 күннэригэр граны биэриигэ тэрилтэлэртэн сайаапка хомуйуута саҕаланна», — диэтэ вице-премьер Михаил Никифоров.
Куонкуруска кыттыыга балаһыанньаны кытта манна билсиҥ.
This post was published on 04.10.2021 13:01 13:01