29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

Социальнай биэнсийэ үрдээтэ

12:00, 03 апреля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 1 күнүттэн РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан социальнай биэнсийэ кээмэйэ 2,9% үрдээтэ. Тэҥнээн көрдөххө, 2014 сыллаахха саамай муҥутаан 17 % үрдээн баран, индексация кээмэйэ сыл аайы кыччаан иһэр.


Бу үрдээһин 3,9 мөлүйүөн киһини таарыйар. Саха сиригэр 28,5 тыһыынча киһи муус устартан биэнсийэлэригэр эбии харчыны ылыахтара. Федеральнай бүддьүөттэн маныаха анаан эбии 9,6 миллиард солкуобайы көрдүлэр.  Социальнай биэнсийэ ортотунан 255 солкуобай үрдээн, 9062 солк. тэҥнэстэ. Ол эрээри, хоту оройуоннарга уонна сорох категорияларга индексация коэффициена үрдүк буолан, мантан арыый элбэҕи ылыахтара.

Ону тэҥэ инбэлиит оҕолорго уонна төрөппүтүн сүтэрбит оҕолорго төлөбүр эмиэ үрдээтэ. “Үлэ биэнсийэтин” ыларга ыстаастара тиийбэтэх дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах. Сэрии бэтэрээннэрин биэнсийэлэрэ индексацияланна. Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа Дьоруойдарыгар, “Албан Аат” уордьан толору кавалердарыгар эбии төлөбүр 2,9% үрдүөҕэ.

Социальнай биэнсийэни кимнээх ылалларый?

  • 1-3 группалаах инбэлииттэр;
  • Инбэлиит оҕолор;
  • Төрөппүттэрин сүтэрбит оҕолор (биир төрөппүтүн буолуон сөп);
  • Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ (дьахтар 50, эр киһи 55 сааһын туолбут буолуохтаах). Төрүт дьарыктарын (булт, балыктааһын, таба иитиитэ) сүтэрбэтэх буолуохтаахтар;
  • Страховой биэнсийэни ылбат гражданнар.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар