Социальнай биэнсийэ муус устар 1 күнүттэн 6,1% индексацияланара былааннанар

Үлэ министиэристибэтэ Россияҕа социальнай биэнсийэни муус устар 1 күнүттэн 6,1 бырыһыан индексациялыырын туһунан иһитиннэрдилэр. Уураах бырайыага миниистирдэр кабинеттарын порталларыгар бэчээттэммит диэн СИА Парламентская газета сигэнэн суруйар.


«Индексация коэффициенын 2020 сыл муус устар 1 күнүттэн социальнай төлөбүрдэргэ 1,0612 кээмэйинэн бигэргэтэргэ», — диэн суруллар докумуоҥҥа.

Индексация 4 мөлүйүөн кэриҥэ биэнсийэлээх үбүнэн хааччыллыытын таһымын үрдэтиэ, ол иһигэр 3,2 мөлүйүөнэ — социальнай биэнсийэни ылааччылар диэн бырайыакка быһаарыллар.

Сиһилии https://ysia.ru/sotsialnye-pensii-planiruyut-proindeksirovat-s-1-aprelya-na-6-1/

This post was published on 20.02.2020 15:22 15:22