Билигин интэриниэт күүскэ сайдан, күн бүгүн www.e-yakutia.ru диэн портал нөҥүө 158 судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө арааһынан дьиэттэн, эбэтэр үлэлиир сиргиттэн тахсыбакка эрэ туһаныахха сөп.
Манна киирэн, онлайн ыстарааптары, судаарыстыбаннай төлөбүрү (госпошлинаны), оҕо уһуйаанын, хомунаалынай өҥөнү төлүөххэ, бырааска суруттарыахха, сир учаастагын ыларга, оҕону оскуолаҕа суруттарарга уочарат төһөлөспүтүн көрүөххэ син.
Холобур, ыалга оҕо төрөөтө да, төрөппүттэр сэттэ докумуону эккирэтиһэр этилэр, билигин барытын биир сиртэн ылаллар. Өссө инникитин оҕо сокуоннай сааһын ситтэҕинэ порталга баар тус кабинета: «Пааспар ылар кэмиҥ кэллэ», — диэн сэрэтиэ. Олох сайдан истэҕин аайы электроннай портал сотору кэминэн киһиэхэ пааспаргын уларытар сааскын туоллуҥ, хомунаалынай өҥөҕүн төлүүргэ субсидия бэриллэр, омук сиригэр сылдьар пааспарыҥ болдьоҕо бүтэн эрэр диэн бэйэтэ санатар буолуо.
Ол эрэн, сорох аҕа саастаах дьон ол хаһан ону сатаары диэн аанньа аахайбаттар. Кинилэргэ анаан Саха сиринээҕи элбэх функцияны толорор киин (МФЦ) салаалара компьютерга үлэлииргэ үөрэтэр босхо куурустары тэрийэн ыыталлар. 2016 сылтан уопсайа 750 киһи үөрэннэ.
«Мин докумуоннарым» киин офистарын нөҥүө күҥҥэ ортотунан 400 киһи электроннай өҥөнөн туһанар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ 99,3 % олохтооҕо бары интэриниэт ситимигэр, күннээҕи сонуннарын «whats upp” –тан билэн олороллор.
Сахабыт сирин улуустара, нэһилиэктэрэ Арассыыйа үрдүнэн түргэн тэтимнээх интэриниэт магистральнай ситимнэригэр холбонон, оптоволокно тардыллан истэҕин аайы төлөбүрэ чэпчээн иһиэ.
Инникитин үлэ бэрээдэгэ эмиэ уларыйыа, дьон дьиэлэригэр олорон хас да үлэнэн дьарыктаныахтара, үлэ биэрээччини кытта интэриниэт нөҥүө сибээстэһиэхтэрэ диэн этэллэр. Цифровой экономика итинник соруктары туруорар.