Саха сирин үгүс улууһугар кыра суудуналарга навигация саҕаланна, коммерческайа суох сыалга туттууга. Региоҥҥа уу суола түһүмэхтэринэн арыллар. Уу таһымыттан тутулуктаах, онон болдьох уларыйыан сөп, ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата суруйар.
Бэс ыйын 3 күнүттэн кыра кыамталаах уу тырааныспарын туттуохха сөп буолла Амма, Чурапчы, Таатта, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Уус Майа, Мииринэй, Сунтаар, Нерюнгри, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Уус Алдан, Томпо, Нам, Кэбээйи, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар, Дьокуускайга уонна Жатайга.
Бэс ыйын 12 күнүттэн — Өймөкөөн, Муома, Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Эдьигээн, Өлөөн оройуоннарыгар.
Бэс ыйын 17 күнүттэн Абыйга, Аллайыахаҕа, Анаабырга, Усуйаанаҕа, Аллараа Халымаҕа, Булуҥҥа көҥүллэнэр. Неелов хомотугар от ыйын 25 күнүттэн сырыы арыллыаҕа.
This post was published on 13.06.2024 16:01 16:01