Алтынньы 6 уонна 7 күннэригэр Саха сирин сорох улуустарыгар күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Күүһүрэр кэмигэр 20 м/с тиийэ түргэннээх, УГМС иһитиннэрэр.
Халымаҕа хаар, сорох сиринэн күүскэ түһэр. Атын территорияларга кыра хаар, арҕаа уонна хоту өттүнэн сорох сиринэн чуумпу.
Эдьигээҥҥэ тыал 15-18 м/с, Халымаҕа уонна Арктика кытылынан 15-20 м/с. Салгын температурата -4+1°, хотугулуу-илин уонна хоту -3-8°, соҕуруулуу-арҕаа 0+5°.
Хоту, алтынньы 7 күнүгэр Халымаҕа, соҕуруу кыра, миэстэтинэн наҕыл хаар түһэр. Атын сиринэн кыра хаардаах буолуоҕа.
Арктика оройуоттарыгар тыал күүһүрэр кэмигэр 17-22 м/с. Температура түүнүн -3-8°, арыллар кэмигэр -9-14°, хотугулуу-илин -18-23°. Күнүс -2,+3°, хоту -2-7°.
Дьокуускайга кыра хаар, тыал арҕааттан 4-9 м/с, температура 0,+2°.