Сорох улуустарга инчэҕэй хаар түһүөҕэ

Бүгүн 20 миэтэрэҕэ тиийэр тыалырыаҕа, инчэҕэй хаар уонна ардах  түһэрин Саха сирин синоптиктара сылыктыыллар, диэн СИА кэпсиир.

Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийэ тыалырыаҕа, Уус-Майа, Алдан оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 11 миэтирэ күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр.

Киин, илин эҥэр оройуоннарга уонна соҕуруулуу-арҕаа диэки быстах ардахтар түһүөхтэрэ, сорох сиринэн инчэҕэй хаар, соҕуруу, аллараа Өлүөнэ тардыытыгар, арҕаа, хотугулуу-арҕаа, хоту, хотугулуу- илин кыратык хаардыаҕа. Кыратык тыалырыаҕа, соҕуруу диэки хотуттан сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийэр күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр.

Түүн салгын температурата -3 °С, хотугулуу- арҕаа -3 ° С, хотугулуу-илин сорох сиринэн -8-13 °С, күнүһүн +3 +8 °С, хотугулуу-арҕаа -33 +2 °С, арҕаа -1-6 °с.

Дьокуускай куоракка сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, арҕааттан 5-10 миэтэрэлээх тыаллаах. Күнүс температура +4 +6 °С тиийэр.

This post was published on 26.09.2022 12:03 12:03