Сорох улуустарга +37 итиини борогунуостууллар

Хаартыска: ЯСИА саайта

+37 кыраадыс итиини Саха сирин соҕуруу уонна соҕуруу-арҕаа өттүгэр борогунуостууллар. +30 итии Дьокуускайга уонна киин улуустарга күүтүллэр. Сорох оройуоттарга этиҥнээх буолуоҕа.
УГМС иһитиннэрэринэн, бээтинсэҕэ, от ыйын 26 күнүгэр соҕуруу уонна соҕуруу-арҕаа күнүс +32… +37 итийиэҕэ. Дьокуускайга уонна киин улуустарга — +30… +32.

Күүһүрэн кэлэр кэмигэр сөкүүндэҕэ 15–20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах этиҥ Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, күнүс — Горнайга уонна Кэбээйигэ.

Мииринэйгэ миэстэлэринэн күүстээх ардах түһүөҕэ.

Нэдиэлэ бүтүүтэ сөрүүдүйүөҕэ.

This post was published on 25.07.2024 14:31 14:31