Сорох өрүстэринэн паром сырыыта тохтотулунна

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Сорох өрүстэринэн паром сырыыта тохтотулунна, ол туһунан @sakhasire20 суруйда.

— Үөһээ Бүлүү – Хоро (Бүлүү);
— Кангаласс – Суотту (Өлүөнэ);
— Уус Маайа – Элдьикээн (Алдан);

— Ньурба — Күндээдэ (Бүлүү);
— Амма – Бөтүҥ (Амма) хайысхаларынан паром сырыыта тохтотулунна.

Кириэстээх – Мииринэй, Сунтаар – Устье (Бүлүү) уонна Өлүөхүмэ – Заречнай (Өлүөнэ) хайысхаларынан алтынньы 15 күнүгэр, Мэҥэ Алдан – Кэскил (Алдан) уонна Хачыкаат – Мохсоҕоллоох (Өлүөнэ) алтынньы 16 күнүгэр диэри өрүс суола сабыллыаҕа.

This post was published on 15.10.2025 13:19 13:19