Улуустааҕы үлэлээх буолуу киинэ Соморсун нэһилиэгэр «Үлэлээх буолуу киинин» күннэрин ыытта. Бу күн киин көмөлөһөн тутуллубут «Соморсун» тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибин 100 киһи биирдэ киирэр банкеттыыр саалата үлэтин саҕалаата.
90-тан тахса олохтоох киһи араас боппуруостарга эппиэт ылла. 16 араас группалаах инбэлииккэ, 12 киһиэхэ бэйэ дьыалатын тэриниигэ, бизнес бырайыагы хайдах оҥорууга сүбэлэр бэрилиннилэр. 10-тан тахса киһи психологы кытта кэпсэттилэр.
Саҥа саала үөрүүлээх арыллытыгар улуустааҕы инбэлииттэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Лазарева ис сүрэҕиттэн алҕаата. Аалай лиэнтэни «Соморсун» кээпэрэтиип эдэр салайааччыта Никандр Еремеев, кылаабынай буҕаалтыр Галина Заборовская, киин дириэктэрэ Марфа Дмитриева, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Надежда Белолюбская кырыйдылар.
«Биһиги кииммит анал бырагырааманан үс инбэлииккэ үлэ миэстэтин тэрийиигэ көмөлөһөммүт, кафе оборудованиета барыта баар буолла. Дьиэ өрөмүөнүгэр нэһилиэк тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэрэ бары саба түһэн көх-нэм буолан, ис өттүгэр бэртээхэй көстүү оҥоһулунна. Оттон таһыгар быйыл сайын үлэ барыахтаах», — диэн директор Марфа Дмитриева эттэ.
This post was published on 20.03.2016 15:19 15:19