Бүгүн, муус устар 9 күнүгэр, Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар “Сомоҕо күүс” уопсастыбаннай түмсүү тэрийиитинэн миитин буолла. Тэрээһиҥҥэ баартыйалар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, киин куорат, чугастааҕы улуустар олохтоохторо кытыннылар, диэн иhитиннэрэр edersaas.ru.
Тыл эппиттэр сорохтор сир уонна айылҕа атын баайа, туһааннаах сиргэ олохтоох норуоттар олохторун, үлэлэрин-хамнастарын төрүтүн быһыытынан туһанылларын уонна араҥаччыланарын мэктиэлиир дойду Төрүт Сокуонун 9-с ыстатыйатын 1-кы чааһыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ баайын-дуолун, тыын суолталаах тэрилтэлэрин атыылааһыны утардылар, хонтуруолга ыларга эттилэр. Сорохтор үлэтэ суох буолууну, сыана күннэтэ үрдүү турарын тохтоторго санааларын үллэһиннилэр.
Дмитрий Иванов, “Сомоҕо күүс” уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ:
— Сүрүн сорукпутунан сокуоҥҥа олоҕуран дьон-сэргэ интэриэһин туруулаһыы, нэһилиэнньэ тыын суолталаах кыһалҕаларын былаас уорганнарыгар тиэрдии, олору быһаарыыга кыттыһыы буолар. Бүгүҥҥү миитининэн таарыччы туох сыаллаах-соруктаах түмсүү буоларбытын билиһиннэриэхпит. Дьон-сэргэ биһигини былааһы утары үлэлиир тэрилтэ курдук көрбөтүгэр, норуот интэриэһин туһугар дьиҥ-чахчы кыһаллар, ону туруулаһар түмсүү курдук ылынарыгар баҕарабыт.
This post was published on 10.04.2017 10:18 10:18