Солколоох үрүмэччини суох оҥоруу үлэтэ түмүктэннэ

Хаҥалас, Нам, Дьокуускай ойуурдарыгар солколоох үрүмэччини суох оҥоруу үлэтэ түмүктэннэ. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, үөнү үөһэттэн, сөмөлүөт көмөтүнэн дьаат ыстаран эмтээбиттэр.


Үөнү эмтээһиҥҥэ сэттэ сөмөлүөт үлэлээбит. «Клонрин КЭ» диэн препарат туһаныллыбыт. Дьаат дьоҥҥо, сүөһүгэ, көтөргө куттала суоҕунан биллэр.

Салгыы исписэлиистэр эмтээһин төһө көдьүүстээҕин быһаарыахтара. Барыллаан бэрэбиэркэ үчүгэй түмүктээх.

Ыйыллыбыт сирдэргэ уопсайа 204 440,4 га сир солколоох үрүмэччиттэн эмтэннэ.  

This post was published on 06.07.2021 12:06 12:06