Сокуоннайа суох предпринимательство кыһалҕаларын туһунан кэпсэттилэр

Галина Данчикова бэрэссэдээтэллээх Саха сиригэр дьоҕус уонна орто предпринимательство сайдыытыгар бырабыыталыстыбаннай хамыыһыйа предпринимательство эйгэтигэр сокуону тутуһууга боппуруоһу көрдө. 


Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар 2015 сыллаахха кулун тутар ыйга предпринимателлэр сокуону тутуһууларын хааччыйыыга тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа тэриллибитэ. Ол уопутуттан баһылык Айсен Николаев кэпсээтэ.

«Бэйэлэрин бизнестэрин сокуонунан хааччыйыыга ааспыт сылга 70 предприниматель үлэлэстэ. Кинилэр билигин бары сокуону тутуһаллар. Хамыыһыйа үлэтин түмүгүнэн, прокуратураҕа сокуону кэһэн үлэлии турбут объектар испииһэктэрэ бэриллибитэ«, — диэтэ куорат баһылыга.

Галина Данчикова мунньаҕы түмүктүүрүгэр предпринимательство эйгэтэ сыыһа-халты үлэлээбэтин туһугар, сокуоҥҥа көннөрүүлэргэ этиилэри киллэрэллэригэр эттэ. «Хайысхаларынан нолуок политикатын дьүүллэһиэххэ наада уонна сокуоннайа суох үлэлии турар бизнескэ дьону үлэлэтэллэрин болҕомтоҕо ылыахха наада«, — диэтэ кини.

This post was published on 01.06.2016 11:19 11:19