“Сокуон территорията”: Николай Пилипчук буруйу оҥоруу, хамнас, саахалланар туруктаах дьиэ уонна инбэлииттэри көмүскээһин туһунан

Саха сирин борокуруора, юстиция 2-с кылаастаах судаарыстыбаннай сүбэһитэ Николай Пилипчук өрөспүүбүлүкэҕэ сокуоннас билигин бигэ туруктаах диэн сыаналаата. Ол эрээри ханнык баҕарар эйгэҕэ борокуруордар сокуон ирдэбиллэрин толорбот буолуу чахчыларын бохсоллорун эттэ.


Уһук Илиҥҥэ саамай намыһах

— Буруйу оҥоруу туругар тохтоотоххо, Уһук Илин ФУо биһиги өрөспүүбүлүкэбит саамай намыһах таһымнаах, — диир Николай Пилипчук. – Ол курдук, кыра оҕолорго сыһыаннаах суудайыыларга, ону тэҥэ хоруупсуйаны кытта сибээстээх буруйу оҥорууларга.

Улахан оҕолор буруйу оҥоруулара уонна буруйу хаттаан оҥоруу тахсара, ону тэҥэ омук дьоно оҥорор уонна кинилэргэ сыһыаннаах буруйдар тахсаллара долгутар.

Икки миллиард хамнас төлөннө

— Николай Леонтьевич, хамнаһы төлөөбөт буолуу чахчылара бааллар дуо?

— 2017 сылга 9,5 тыһыынча кэһии таҕыста. Иэс уопсай кээмэйэ, моҥкуруут тэрилтэлэри киллэрэн туран, 2018 сыл тохсунньу 1 күнүгэр 107 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспитэ. Биричиинэтэ – көдьүүһэ суохтук салайыыттан апчарыйыыга тиийэ.  Хамнаһы төлөөбөт буолууга, сиэһиҥҥэ уонна итэҕэстээһиҥҥэ аҕыс холуобунай дьыала көбүтүлүннэ. Гражданнар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ 7 тыһыынчаттан тахса миэрэ ылылынна. Ыытыллыбыт үлэлэр түмүктэригэр хамнаска икки миллиартан тахса иэс төлөннө.

Саахалланар туруктаах дьиэлэргэ олорооччулар туһаларыгар

— Дьону хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү туруга хайдаҕый?

— Дьиэ-уот быраабыгар сыһыаннаах 3 тыһыынча кэһии булуллан, үс сүүстэн тахса буруйдаах эппиэтинэскэ тардылынна. Холобур, борокуратуура матырыйаалынан “Макрос” ХЭТ дириэктэрэ боломуочуйатынан туһанан 23 мөлүйүөн суумалаах гражданнар үптэрин атын сыалга туһаммытын уонна тутууну түмүктээбэтэҕин иһин эппиэтинэскэ тардылынна.

Сиргэ тиксибэт буолуу уонна ОДьКХ чэпчэтиилэр

— Бүгүҥҥү туругунан 13 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал учаастак ыла илик. Биричиинэтэ – муниципалитеттар сирдэригэр-уоттарыгар кураанах турар сир суоҕа, Федеральнай ойуур хаһаайыстыбатын агентствотын өттүттэн ойуур фондатын суотугар нэһилиэнньэлээх пууннар кыраныыссаларын улаатыннарар туһунан сайаапкалар быһаарылла иликтэр.

— Николай Леонтьевич, оттон саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын көмүскээһин хайдаҕый?

— Борокуратуура көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр 812 мөлүйүөн солкуобайы 2016-2017 с.с. уочаракка турар 1070 тулаайах оҕоҕо олорор дьиэни тутууну салгыы үбүлээһиҥҥэ көрүллүбүтэ.

ОДьКХ уонна ТЭК: 3000 тахса кэһии

— Бу эйгэҕэ үс тыһыынчаттан тахса кэһии бэлиэтэннэ. Араас көрүҥнээх эппиэтинэскэ 700 кэриҥэ киһи тардылынна, 4 холуобунай дьыала көбүтүлүннэ. Борокуруордар ирдэбиллэринэн 600 мөл. солкуобай бүддьүөт иэһэ уонна туһанааччылар 250 мөл. иэстэрэ төлөннө.

This post was published on 26.03.2018 14:00 14:00