Өрөспүүбүлүкэни бүттүүн “аймаабыт” сири босхо түҥэтии сокуонун барылын тула ааспыт нэдиэлэҕэ федерация таһымнаах кэпсэтиилэр буоллулар. Олохтоохтор: “Сир бэйэбит баайбыт, тыытымаҥ”, —диэтибит. Үрдүк сололоох ыалдьыттар: “Эһиги интэриэскитин учуоттуубут”, — диэтилэр.
Кимиэхэ анаммыт сокуон барылай?
“Боростуой дьон олоҕун уйгутун тупсараары буолбакка, олигархтар биһиги айылҕабытыгар, сиртэн хостонор баайбытыгар ымсыыран итинник сокуону ылына сатыыллар”, — диэн этэн Ил Түмэн депутата Иван Шамаев уопсастыбаннаһы хамсатта, дьон-сэргэ санаатыгар сабыдыаллаата. Ол биир туоһутунан оруобуна РФ президенин Уһук Илиҥҥи региоҥҥа боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев кэлэ сырыттаҕына, “Морозный пикет” диэн аатынан биллибит, былакааттаах болуоссакка тахсыы буолар.
Хас көрсүһүү аайы депутат Шамаев 90-с сыллардааҕы “ваучер” историятын санатар. Оччолорго улаханнык хоргуппут быһыылаах.
Хаһан да Саха сирин харахтаан көрбөтөх киһи сайаапкалаһан ылбыт 1 гектар сирин туһаҕа таһаарарыгар ботуччу хапытааллаах буолуохтааҕа өйдөнөр. Үбэ-харчыта суох барахсан, гектар сирин элбэтинээри өссө оҕо бөҕөтүн батыһыннаран, суола-ииһэ, сибээһэ, оҕо саада, оскуолата, балыыһата суох сиргэ, быстараары кэлиэ дуо?!
ИТИ ЭРЭЭРИ өссө биир үрдүк сололоох, РФ Уһук Илини сайыннарыыга миниистирин солбуйааччы Сергей Качаев: “Кэлээччилэргэ бары өттүнэн көмө баар буолуо”, – диэн “Сир” уопсастыба көхтөөх дьонун кытта көрсүһүүтүгэр эппитэ. Итини сорох олохтоох политиктар эмиэ “эриэхэйбэйдээх этии” курдук ылыналлар. Чуолаан бэйэтин кэмигэр Үрдүкү Сэбиэт, Госдума депутаттарынан үлэлээбит Зоя Корнилова Качаевы утары көрөн олорон ыйытыы биэрбитэ оруннаах диэххэ сөп: “Эһиги кимтэн сири былдьыыргытын билэҕит дуо? Төрүт олохтоох дьонтон. Кэлээччилэргэ усулуобуйа тэрийиэхпит, инфраструктура баар буолуо диигит. Тоҕо билигин бу төрүт сирдэригэр олорор дьоҥҥо оннук усулуобуйаны тэрийбэккит? Биһиги син биир мантан ханна да барбаппыт. Хоту дойдуга итинник сыһыаннаһыы сыыһа. Улахан форумна тэрийиҥ! Уопсастыбаннай истиилэрдэ оҥоруҥ! Ол эрэ кэннэ быһаарыы ылыллыахтаах”.
Айылҕаҕа куттал суоһааһына
Сокуон барылыгар предпринимателлэр кыттыһан сайаапкалаһан мас кэрдии, сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаарыы, ядернай тобоҕу көмүү курдук үлэлэринэн дьарыктаналларыгар көҥүл бэриллиэн сөп. Бу эмиэ долгутар.
Маһы кэрдиини ирбэт тоҥу үөрэтэр учуонайдарбыт булгуччулаахтык бопсоллор. Мас кэрдилиннэҕинэ сир барыта ууга, кутаҕа кубулуйарын дакаастаабыттара ыраатта. Оннооҕор дэриэбинэни кэҥэттэхпит аатыран, ойуур саҕатын кэртэххэ, ыал өр онно олохсуйбатын тустаахтар харахтарын уутугар көрө-билэ сылдьабыт.
ИТИ ЭРЭЭРИ ураты харыстанар сирдэр тыытыллыбаттар диэн буолар. Саха сиригэр 915,69 тыһ. кв. км иэннээх ураты харыстанар сир баар. Ол иһигэр 2 судаарыстыбаннай айылҕа заповеднига, 125 өрөспүүбүлүкэ уонна 89 олохтоох суолталаах ураты харыстанар сир. Манна эбии субъект уратытынан чахчы ураты болҕомтоҕо сылдьар сирдэр, холобур аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрүт дьарыктарынан дьарыктанар сирдэрэ сокуонтан таһаарыллыан сөп диэтилэр. Маны субъект баһылыгын быһаарыытыгар бэриллиэ диэн Юрий Трутнев этэн турар.
Харах далыгар – сир баайа дуо?!
Сергей Качаевы кытта көрсүһүүгэ геологтар кэлбиттэр. Кинилэр биир киһи курдук билигин даҕаны Саха сирин үрдүнэн ыһылла сытар сир баайа толору чинчийиллэ илигин бэлиэтээтилэр. Сатахха Качаев министиэристибэтэ оҥорбут сокуонун барылын ылыныыга быһаарыы биэрэр бигэргэтэр суругар наука өттүттэн көрүү киллэриллибэтэх. Бу балтараа сирэйтэн турар кумааҕыга хайаан да ол баар буолуохтааҕын модьуйбуттарын, кырдьык, ким баҕарар сэҥээрэ истиэн сөп.
История кэпсииринэн, ыраахтааҕылаах былаас сууллубутун кэннэ, туох баар оҥорон таһаарыы бастаан наука өттүттэн чинчийиллибит эрэ буоллаҕына, олоххо киирэрин туруорсаллара. Саха сиригэр Россия Наукатын академиятын бастакы экспедицияларын санаан көрүҥ.
“Саха сирин сиртэн хостонор баайа ситэ чинчийиллибэтэҕинэн, үөрэтиллибэтэх сиринэн ааҕан, сокуонтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин таһааран кэбиһиҥ”, — диэн Шамаевтан саҕалаан хас да киһи үрүт-үөһэ этиннэ.
ИТИ ЭРЭЭРИ Качаев “сирдэри” кытта көрсүһүүтүгэр Уопсастыбаннай палата мунньаҕар ыытыах буолбут бэрэстэбиитэлэ, министиэристибэ биир тутаах салаатын начаалынньыга Александра Демидова кэлэн маннык бэлиэтээһиннэри оҥордо:
— Саха сирин этиилэрэ сүрүннээн сокуон барылыгар киирдилэр. Бастатан туран, территорияны туттуу ураты усулуобуйалаах уонна сиртэн хостонор баай саппааһа баара биллэр кыраныыссаламмыт сирдэри түҥэтии бобуллар. Манна туспа ыстатыйа ананна. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ РФ “Сир аннынааҕы баай туһунан” сокуонун 30 уонна 31 ыстатыйаларыгар, судаарыстыбаннай кадастрга, саппаас судаарыстыбаннай балансатыгар олоҕуран, сир баайдаах территориялары сокуон дьайыытыттан таһаарарга диэн этии оҥорбута. Саха сиригэр маннык 610 учаастак баар, уопсай иэнэ 2 мөл. 465 тыһ. гектар.
Өссө оһуобай статустаах, ол эбэтэр төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар сирдэрэ эмиэ сокуон чэрчититтэн таһаарылларын туһунан этии көннөрүүгэ баар. (Бу бүтүн иэн 39% ылар, о.э. 121 мөл. 389 тыһ. га – авт.)
Маны сэргэ маһы бэлэмниир сыалтан суруллубут сайаапкаҕа эмиэ аккаас бэриллэрин туһунан этии көннөрүүгэ киирдэ.
Сэрэхэчийии баар. Уратыбыт оннук
Бу сокуон барылын туһунан күүстээхтик дьаҥсыйа сатаабыппыт сыл аҥара буолла: “Сиргитин докумуоннатыҥ!” диэн. Хомойуох иһин, хамсааһын бытаан. Ардыгар аҥардас куолу эрэ баһылыыр. Кытыы сирдэринэн сылдьан, сирдээх дьонтон ыйыталастахха, бу сокуон киирэригэр баҕарааччы элбэх. Бары утарар буолбатахтар.
Саха сэрэх, өр толкуйдуур. Чуолаан дойдуга куттал суоһааһынын өттүттэн көрөн, Ил Дархан Егор Борисов Уопсастыбаннай палата мунньаҕар маннык диэн этэн турар:
“Саха сирин территорията тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныыга толору киэбинэн эппиэттэспэт. Ону бары билэбит. Ол иһин дойдуга кутталы үөскэтэр атын сыаллар баар буолуохтарын сөп. Федеральнай былаас бу туһунан билэр. Ол иһин биһиги өттүбүтүттэн этиилэр үксэ ылыныллаллар. Билигин Госдума депутаттарыттан үгүс тутулуктаах”.
Бу этиитинэн, кини өссө да науканан чинчийиллэ илик сиртэн хостонор баайбытын эппитэ сэрэйиллэр. Дэлэҕэ даҕаны, Россия Наукаларын академиятын Иккис экспедициятын көҕүлүө дуо?! Барыта сибээстээх. Саха сирин “сырьевой донор” курдук көрөллөрүн умнар табыллыбат.
Манна өссө төрүт олохтоох омуктар кэлии киһиэхэ сыһыаннара хайа өттүнэн дьиэлийэн тахсыаҕын эбиэххэ сөп.
ИТИ ЭРЭЭРИ билигин биһиги элбэхпит. Норуот куолаһа иһиллэр. Санаан кэлиэҕиҥ “АЛРОСА” дьыалатын. Бу туһунан суруналыыс Прокопий Бубякин “Дьыалабыай эргимтэҕэ” суруйан турар.
Ситэрэн этэр буоллахха, оччолорго Борисов Владимир Путиҥҥа тиийэн баар балаһыанньаны кэпсээбитигэр, анарааҥыта: “АЛРОСА”-ҕын биэримэ!” — диэбит үһү диэн сири аннынан кэпсииллэр. Санатар эбит буоллахха, ол кэннэ акциябыт бэйэбитигэр хаалбыта.
Сири түҥэтии түһүмэхтэрэ:
Ыам ыйын 1 күнүттэн от ыйын 31 күнүгэр диэри – Нам улууһугар пилотнай бырайыак. Манна намнар эрэ кытталлар;
Атырдьах ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 30 күнүгэр диэри – Уһук Илиҥҥи региоҥҥа Уһук Илиҥҥи регион олохтоохторугар эрэ;
2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Россия бары гражданнарыгар.
Сергей Качаев иһитиннэрбитинэн, нэһилиэнньэ сирин кадастрдатарыгар бириэмэ биэриэххэ диэн этии үөрэтиллэр. Онон, баҕар бу болдьох арыый уларыйыан сөп.
Хаһыат таҥылла турдаҕына…
Москваҕа “Босхо гектарга” анаммыт «төгүрүк остуол» буолла. Онно Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Ростислав Гольдштейн маннык бэлиэтээһини оҥордо:
«Дьон ымсыырар территорияларынан Амурскай, Еврейскэй автономнай уобаластар, Хабаровскай кыраай соҕуруу өттө, Приморскай кыраай, баҕар, Сахалин соҕуруу өттө буолуон сөп. Оттон төрүт олохтоох дьон территорияларыгар – Саха сирин улуустарыгар – Россия кииниттэн ким эмэ да талаһара буолуо диэни саарбахтыыбын. Чукотканы, Магаданы да сэҥээрбэттэрэ чахчы. Бу территориялар олохтоохторго бэйэлэригэр эрэ туһаны аҕалыахтара. Оттон бу сокуон барыла кинилэргэ сирдэригэр үлэ кыаҕын сөпкө аттаралларыгар туһуланыа».
Оттон Саха сирин парламенын спикерэ Александр Жирков «Уһук Илиҥҥи гектар» федеральнай сокуон барылын иккис ааҕыыга көрүллэр болдьоҕун уһатан биэрэргэ, Госдумаҕа аһаҕас истиини тэрийэргэ, өссө төгүл федеральнай сокуону ырытарга Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын салайааччыларыгар этии киллэрдэ.
This post was published on 18.02.2016 16:12 16:12