«Сокол» квадроцикллары Саха сириттэн СВО-ҕа ыыттылар

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

«Сокол» алта бырысыаптаах квадроциклы Саха сириттэн анал байыаннай дьаһал буола турар сиригэр ыыттылар.

Техниканы бастаан Ростов-на-Дону тирэх пуунугар илдьиэхтэрэ, салгыы — анал байыаннай дьаһал буола турар сиригэр, саха байыастарыгар тиксэриэхтэрэ. Бэлиэтээтэххэ, ыытыллыахтаах 50 квадроциклтан 20-тэ эрдэ баран турар.

«Соколлары» кытта Саха сирин байыаннай сулууспалаахтарыгар өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэриттэн массыыналары уонна «Якутия с тобой» уопсастыбаннай тэрилтэ хомуйбут  гуманитарнай көмөтүн биэриэхтэрэ.

This post was published on 05.06.2023 09:05 09:05