Сочига сайын устата 3 мөлүйүөнтэн тахса киһи сылдьыбыт

НВК САХА – 2019 сыл сайыныгар Сочи куоракка 3 мөлүйүөн турист сылдьан ааста. Бу көрдөрүү былырыыҥҥыттан 200 тыыһыннчанан үрдүк.


«Аҥаардас сайыҥҥы үс ый устата Сочига үс мөлүйүөн киһи сынньанан ааста. Сыл бүтүөр диэри өссө 6,5 мөлүйүөн киһи кэлэрэ былааннанар», – диэн Сочи баһылыга Анатолий Пахомов иһитиннэрдэ.

Кини кэпсииринэн Сочига сыл аайы 400-тэн тахса тэрээһин ыытыллара дьону тардар, олор быыстарыгар аан дойду таһымнаах куонкурустар уонна бэстибээллэр буолаллар.

Источник: http://nvk-online.ru

This post was published on 26.08.2019 17:23 17:23