СИА.
Атласовтар этно-уһаайбаларыгар бэһис төгүлүн ыытыллар собо минин бэстибээлигэр ыҥыраллар. Манна араас кэлэктииптэр, ас-үөл тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, дьиэ кэргэн кыттыан сөп.
Хамаандаҕа үс киһи баар буолуохтаах. Ас астыыр тээбирин, иһит-хомуос, уот оттор мас, уматык, миин астыырга ханнык баҕарар балык баар буолуохтаах. Бэстибээлгэ кытты босхо. Кыайыылаахтар үс хайысханан быһаарыллыахтара.Сайаапкалары балаҕан ыйын 6 күнүгэр диэри туталлар. Аадырыс: Ленин пр. 15, 207 каб., төл.: 40-80-95