“Соҕурууҥҥу Саха сирэ” ТОР резиденэ сылга 22 мөл тонна таас чоҕу хостуур былааннаах

Тэрилтэлэрэ “Соҕурууҥҥу Саха сирэ” ТОР резиденнэринэн буолар “Колмар” салайар хампаанньа сылга 22 мөл тонна таас чоҕу хостуоҕа.

“Биһиэхэ 18 мөл тонна шахталарга хостонуоҕа. Ол курдук, “Инаглинскай-2” шахтатыгар 12 мөл тоннаны, “Денисовскай” ГОК шахтатыгар 6 мөл тоннаны. Бу сир аннынааҕы ньыманан. Өссө 4 мөл тоннаны аһаҕас ньыманан хостуохпут. Онон уопсайа 22 мөл тоннаны хостуохпут”, — диэн кэпсээтэ “Колмар” генеральнай дириэктэрэ Артем Левин.

2018 сыл муус устар 26 күнүгэр “Колмар” алта мөлүйүөннээх “Денисовскай” хайа байытар фабрикатын үлэҕэ киллэрбитэ.

СИА.

This post was published on 27.04.2018 12:23 12:23