Соҕотох устудьуон ийэлэргэ социальнай стипендия туруорсаллар

Ийэ буолаары сылдьар соҕотох устудьуоннарга итиэннэ 3-гэр диэри саастаах оҕолоох соҕотох устудьуон ийэлэргэ социальнай стипендия көрөр туһунан сокуон барылын Госдумаҕа бэлэмнииллэр. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.


Социальнай стипендияны көрөрү таһынан кини кээмэйин тиийинэн олоруу кээмэйигэр тиэрдэри Госдума дьокутаата, үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэт чилиэнэ Светлана Бессараб туруорсар. Билиҥҥитэ «Үөрэх туһунан» сокуонунан социальнай стипендия сүрүн стипендия таһынан көрүллэр. Маннык көмөнү тулаайах устудьуоннар, инбэлииттэр итиэннэ кыаммат араҥаҕа киирсэр үөрэнээччилэр ылаллар.

Билигин орто анал үөрэх кыһатын устудьуоннарыгар социальнай стипендия 809 солкуобайга, үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннарыгар – 2227 солкуобай тэҥнэһэр. Светлана Бессараб бу харчы бүгүҥҥү олоххо эппиэттэспэтин этэн туран, социальнай стипендия кээмэйин Арассыыйаҕа тиийинэн олоруу кээмэйигэр тиэрдэри туруорсар.

Тиийинэн олоруу кээмэйэ Арассыыйаҕа ортотунан 2020 сыл IV кыбаарталыынааҕы көрдөрүүнэн үлэһит дьоҥҥо 11 329 солкуобайга, биэнсийэлээхтэргэ 9348 солк., оҕолорго — 11 140 солкуобайга тэҥнэһэр.

This post was published on 26.04.2021 11:01 11:01