«Бассаап» ситимигэр аҥардас аҕалар ийэ хапытаалын ылыахтарын сөп диэн сонун тарҕанна. Бу туһунан ТАСС былырыын сайын суруйан турардаах. Чуолаан сонуҥҥа оҕо ийэтэ тас дойдуттан сылдьар, өлбүт, эбэтэр ийэ быраабыттан быһыллыбыт буоллаҕына диэн бэлиэтээһиннээх. СИА ааҕааччыта, аҥардас аҕа киниэхэ туох көмө баарын туһунан ыйытыылаах редакция почтатыгар суруйда. Кини ыйытыытыгар хоруйу Үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтин пресс-сэкирэтээриттэн чопчулаатыбыт.
«Элбэх баҕайы киһи аҥардас ийэҕэ эбэтэр аҥардас аҕаҕа тус-туһунан көмө көрүллэр дии саныыллар, «Онтон аҥардас аҕаларга туох көмө эбэтэр чэпчэтии баарый?» диэн сураһар. Маныаха дьон «Аҥардас төрөппүт» диэн өйдөбүлү ылыныан наада. Төрөппүт ийэтиттэн аҕатыттан тутулуга суох соҕотоҕун оҕону иитэр түгэнигэр, кини судаарыстыба биэрэр көмөтүнэн туһанар бырааптаах. Ол эрээри, манна аҥардас төрөппүт буоллун эрэ тутатына көмө кэлэр диэн буолбатах. Көмө харчыны ыларга дьиэ кэргэн дохуота орто кээмэйтэн намыһах буолара ирдэнэр«, — диэнҮлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтин пресс-сэкирэтээрэ Александра Варламова бэлиэтээтэ.
Маны таһынан пресс-сэкирэтээр быйылгы сылга «Үйэ оҕолоро» диэн бырагыраама туһунан элбэх ыйытыы киирбитин бэлиэтээтэ. Холобур, эдэр аҕа социальнай харалтаҕа боппуруос биэрбит: «Мин кэргэним тохсунньуга төрүөхтээх этэ, ол эрээри аҕыйах мүнүүтэнэн эрдэлээн, ахсынньы 31 күнүгэр 23:00 чааһы ааһыыта төрөөтө, маннык түгэҥҥэ төлөбүр көрүллэр дуо?» — диэн. Маныаха эппиэт — төлөбүр көрүллүбэт. Оҕо 2022 сылга 00:00 чаас кэннэ төрөөбүт буоллаҕына эрэ көрүллэр.
Аны туран, арай дьахтар төрүү сытан бу дойдуттан барар түгэнигэр, харчыны оҕо аҕата ылара көҥүллэнэр, тоҕо диэтэххэ бу оҕоҕо аналлаах төлөбүр. Игирэ оҕолоохторго хас бирдиилэригэр 100-түү тыһыынча тус-туһунан бэриллэр диэн бэлиэтээтэ.
Кими аҥардас аҕа диэххэ сөбүй?
Сокуон быһыытынан оҕону иитэр соҕотох аҕалар туспа бөлөххө киирсибэттэр, нуорма аакталарыгар «соҕотох аҕа»диэн өйдөбүл суох. Оҕотун аҥардас иитэр аҕа правовой статуһа оҕолорун аҥардас иитэр дьахталлар балаһыанньаларыгар толору сөп түбэһэр.
Соҕотох аҕа статуһа маннык түбэлтэҕэ үөскүүр:
— өскөтүн ийэ суут быһаарыытынан төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт буоллаҕына;
— оҕо ийэтэ өллөҕүнэ эбэтэр суут быһаарыытынан өлбүттэр ахсааннарыгар киирдэҕинэ;
— ийэтэ ханна баара биллибэт уонна аҕа опекун быһыытыган соҕотоҕун иитэр буоллаҕына.
Арахсыбыттарын кэннэ дьахтар өр кэмҥэ оҕотуттан уонна оҕотун аҕатыттан туһунан олорор түгэнигэр, оҕону иитэн олорор төрөппүт аҥардас аҕа ахсааныгар киирбэт.
Соҕотох аҕалар 2022 сылга туох көмө харчытын ылыахтарын сөбүй?
Төрөппүт быһыытынан, аҕата оҕоҕо ананар бары төлөбүрдэри тэҥинэн ылар бырааптаах. Уратыта диэн оҕо чуолаан ийэтигэр эрэ анаммыт төлөбүрдэри ылара бобуллар (холобур, декрет төлөбүрэ). Төрөппүт федеральнайдааҕы таһымнаах төлөбүрдэригэр киирсэллэр:
- Оҕону көрөн олорор төрөппүккэ;
- 1,5-гар диэри саастаах оҕону көрөн олорор төрөппүүкэ хамнаһын оннугар хаалларыахтаахтар;
- биир кэмнээх көмө харчы (хайа баҕар төрөппүт ылыан сөп);
- аҥардас төрөппүт 8-17 диэри саастаах оҕону иитэр түгэнигэр ыйдааҕы төлөбүр көрүллэр;
- 3- тэн 7- гэр диэри саастаах оҕоҕо ыйдааҕы төлөбүр (дьиэ кэргэн дохуодуттан тутулуктаах);
- Мантан да атын төрөппүттэргэ көрүллэр төлөбүрдэр.
2022 сылга соҕотох аҕаларга туох чэпчэтиилэр көрүллэллэрий?
- РФ сокуонун быһыытынан үлэлиир соҕотох аҕаларга эбии бырааптаахтар уонна чэпчэтиилээхтэр;
- 1,5 уонна 3 сааһыгар диэри саастаах оҕону көрүүгэ уоппусканы ылар бырааптаах;
- 14-гэр диэри саастаах оҕолоох аҕаны үлэтигэр штаттан сарбыйыы эбэтэр дуоһунаһыттан ууратыы бобуллар;
- соҕотох аҕаны үлэтигэр эбии үлэҕэ күһэйиэ, ыраах командировкаҕа ыытыа, бырааһынньыктарга, өрөүбүллэргэ үлэлэтиэ суохтаахтар (бу үлэһиттэр сөбүлэҥнэринэн эрэр көҥүллэнэр);
- ситэтэ суох үлэ нэдиэлэтэ эбэтэр кылгатыллыбыт үлэ күнэ көрүллэр бырааптаах (оҕо 14 сааһын туола илик буолуохтаах);
- оҕо инбэлиит буолбут буоллаҕына эбии өрөбүл күннэр;
- бэйэтин суотугар эбии 14 хонуктаах уоппуска ылыан син (ити үлэ дуогабарыгар сурулла сылдьар буоллаҕына);
- РФ Үлэ кодексатыгар көрүллүбүт атын даҕаны чэпчэтиилэринэн туһанар бырааптаах.
Бу ыйыллыбыт көмөнү туһанарга аҕа үлэтин салалтатыгар биллэриэхтээх. Аҥардас төрөппүтү үлэтиттэн буруйу кэһиилээх эрэ буоллаҕына ууратар бырааптаахтар.
Соҕотох аҕа үлэтиттэн икки төгүллээх нолуок вычетын ылыан сөп:
- бастакы уонна иккис оҕоҕо — 2 800 солк.;
- үһүс уонна кэнники оҕо — 7 000 солк.;
- 18 сааһыгар диэри саастаах оҕо уонна 24 сааһыгар диэри саастаах үөрэнэ сылдьар 1 уонна 2 группалаах инбэлиит оҕоҕо — 24 000 солк. (төрөппүттэргэ уонна иитэ ылбыт төрөппүттэргэ) уонна 12 000 солк. эпиэкэлэргэ уонна попечителлэргэ.
- Итинник вычеттары биэрии эр дьон үлэлэригэр оҥоһуллар, эбэтэр нолуок органыгар 3- НДФЛ формалаах декларация киирдэҕинэ. Вычет 18-гар диэри саастаах хас биирдии оҕоҕо көрүллэр. Ону тэҥэ соҕотох аҕа нолуок үбүн икки бүк туһаныан сөп, ол иһигэр хамсаабат баайы-дуолу атыыластаҕына, икки бүк үрдүк нолуок вычетын ситиһиэн син.
Саха сиригэр аҥардас төрөппүттэргэ туох көмө баарый?
Саха сиригэр аҥардас төрөппүттэргэ диэн анал көмө харчы суох эрээри, холобур аҥардас аҕа оҕону иитэр түгэнигэр, кини ийэҕэ көрүллэр төлөбүрдэри ылар бырааптаах. Саха сиригэр баар чэпчэтиилэр уонна төлөбүрдэр тустарынан кэлэр нэдиэлэҕэ таһаарыахпыт.